2022 сылга тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһин муҥутуур таһымҥа тиийиэҕэ – 12,5 млрд солк. буолуоҕа.
Айсен Николаев: Эти, оҕуруот аһын, хортуоппуйу уонна бурдугу бэлэмнээһиҥҥэ саҥа субсидиялары киллэриэхпит. Тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр уонна Арктика уонна бырамыысыланнас оройуоннарыгар ынах төбөтүгэр 45 тыһ. солк. диэри көмө харчы биэриэхпит, оттон биэ төбөтүгэр 1,5- тэн 3 тыһ. солк. диэри көрүөхпүт. Бу үп быһаччы аграрийдарга барыаҕа уонна кинилэр дохуоттарын хаҥатыаҕа.
Маны таһынан, Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин толору инвентаризация ыытарга соруйда