22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Айаал Лазарев Рио-де-Жанейроҕа буолар Олимпиадаҕа кыттар буолла

10:12, 12 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тустуук Айаал Лазарев Рио-де-Жанейроҕа буолар Олимпийскай оонньууларга 125 кг диэри ыйааһыҥҥа Киргизия аатыттан кыттар буолла.


UWW ыам ыйын 11 күнүгэр Олимпиадаҕа кыттар кыахтаах дойдулар испииһэктэрин саҥардан оҥордо. Сэттэ спортсмен күрэхтэһиилэртэн туоратылыннылар. Туоратыы сүрүн төрүөтэ – мелдьонийы туттуу.

Көҥүл тустууга 65 кг.диэри ыйааһыннаахтарга Олимпиадаҕа кыттар көҥүллэрэ быһыннылар: Магомедмурад Гаджиев (Польша) уонна Андрей Квятковскай (Украина). Кинилэр путевкалара Зураб Якобишвилига (Грузия) уонна Дэвид Сафаряҥҥа (Армения) бэрилиннэ. Өссө биир путевка Борис Новачковка (Болгария) уонна Франк Молинароҕа (АХШ) туттарылынна.

125 кг.диэри ыйааһыннаахтарга Ален Засеев (Украина) уонна Юсуп Джалилов (Белоруссия) путевкалара Любен Илиевка (Болгария) уонна Даниэль Лигетига (Венгрия) бэрилиннэ. Өссө биир путевканы Айаал Лазаревка (Киргизия) биэрдилэр.

85 кг. диэри ыйааһыннаах греко-римскэй тустууга Жанарбек Кенжеев (Киргизия) лицензията Равондер Хатрига (Индия) туттарылынна.

Тустуук дьахталлар ортолоругар икки спортсмен допинг бэрэбиэркэтин ааспата. Сумии Эрденечимет (Монголия) лицензията Кумари Бабитаҕа (Индия) бэрилиннэ, оттон Оксана Херхель (Украина) гиэнэ — Марианна Червиндара Эшануга (Молдавия).

«Весь спорт» агентство

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА