Бүгүн коррупцияны утары охсуһуу, геноцид сиэртибэлэрин кэриэстиир норуоттар ардыларынааҕы күн.
Арасыыйаҕа Аҕа дойду дьоруойдарын, тимир суол тырааныспарын сэбилэниилээх харабылын күнэ.
Арассыыйа суруналыыһа, политконсультант, тэлэбиидэнньэҕэ ыытыллар интеллектуальнай оонньуулар элбэх төгүллээх кыайыылаахтара Анатолий Вассерман төрөөбүт күнэ.
Ахсынньы 9 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 343-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 344-c күнэ). Сыл бүтүө 22 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы коррупцияны утары охсуһуу күнэ
- ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы геноцид сиэртибэлэрин кэриэстиир күн
- Арассыыйа — Аҕа дойду дьоруойдарын күнэ
- Арассыыйа — Тимир суол транспорын сэбилэниилээх харабылын күнэ
Түбэлтэлэр:
- 536 — Византия-гот сэриитин кэмигэр Велизарий салайар Византия (Илин Рим импиэрийэтэ) аармыйата Рим куоратын остготтартан былдьаабыт. Варвардар 60 сыллаах Рими баһылааһыннара түмүктэммит.
- 1824 — Аякучо таһынааҕы сэриигэ Испания колонизатордарын аармыйатын кыайан Перу тутулуга суох буолбут.
- 1905 — Бастакы Арассыыйа өрөбөлүүссүйэтин саҕана Красноярскайга оробуочайдар уонна саллааттар дьокутааттарын сэбиэтэ Красноярскай өрөспүүбүлүкэтин биллэрбит. Ахсынньы 27 күнүгэр ыраахтааҕы сэриилэрэ куораты хонтуруолга ылбыттара, өрө турааччылары төгүрүйбүттэрэ, өссө аҕыс хонугунан бэриннэрбиттэрэ.
- 1941 — Елец уонна Венев куораттар ньиэмэстэртэн босхоломмуттар.
- 1950 — Тымныы сэрии: АХШ атомнай буомбатын оҥорбут Манхэттэн бырайыагын кистэлэҥнэрин Сэбиэскэй Сойууска арыйарга көмөлөспүт Гарри Голд 30 сыллаах түрмэ хаайыытыгар ууруллубут.
- 1968 — Сан-Францискоҕа Дуглас Энгелбарт аан бастаан киэҥ араҥаҕа көмпүүтэр мышкатын уонна гипертиэкиһи көрдөрбүт.
- 1987 — Палестинаҕа бастакы интифада саҕаламмыт.
- 1990 — Лех Валенса быыбарга кыайан Польша аан бастакы быһа куоластааһынынан талыллыбыт бэрэсидьиэнэ буолбут.
Төрөөбүттэр:
- 1952 — Анатолий Вассерман — Арассыыйа суруналыыһа, политконсультант, тэлэбиидэнньэҕэ ыытыллар интеллектуальнай оонньуулар элбэх төгүллээх кыайыылаахтара.
- 1954 — Жан-Клод Юнкер — 2014-2019 сылларга Еврокомиссия бэрэстээтэлэ, 1995-2013 сылларга Лүксембург премьер миниистирэ, Эуро олохтооһунун көҕүлээччитэ.
- 1963 — Масако (төрүүрүгэр аата Масако Овада) — 2019 сылтан Дьоппуон ыраахтааҕыта.
Өлбүттэр:
- 1048 — Абу Райхан Аль-Бируни (973 төр.), Орто Азия дэгиттэр учуонайа.
- 2017 — Леонид Броневой (1928 төр.), тыйаатыр уонна киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.