Хой ♈️ ⠀
Ханна эрэ сынньана аралдьыйа барыаххын наада, биир сиргэ олорон чуҥкуйаары гыммыккын ⠀
Оҕус ♉️
Эйигин бүгүн албынныы сатыахтара, болҕомтолоох буоларыҥ ирдэнэр, албыны кытта аргыстаһар дьону аттыгар тутума ⠀
Игирэлэр ♊️
Харчы кэлэрэ күүтүллэр, тоҕо эрэ ытыс олуһун диэн кыһыйар. Дьиэлээхтэргин кытары кыра өйдөспөт түгэн тахсыан сөп ⠀
Рак ♋️ ⠀
Бүгүҥҥү күн эйигин тапталынан, чаҕылхай түгэннэринэн, харчынан күндүлүө, сэрэнээр мэйииҥ эргийэн хаалыа ⠀
Хахай ♌️ ⠀
Бүгүн өр да күүппүт түгэниҥ үүнүө, үөрүү тосхойуо ⠀
Кыыс ♍️ ⠀
Дьон эйиэхэ хайдах сыһыаннаһарый да, эн эмиэ кинилэргэ ол оннук сыһыаннарыҥ ордук буолуо ⠀
Ыйааһын ♎️ ⠀
Өйүҥ-санааҥ барыта биир киһи туһунан. Доруобуйаҕар болҕомто уурарын туһааннаах
Скорпион ♏️
Дьоҥҥо мээнэ итэҕэйимэ, албыҥҥа уган биэриэхтэрин сөп
Охчут ♐️
Дьон эйигин кэлэтэриттэн бэйэҥ наһаа сылайаҕын. Итинниккэ аахайбат буоллаххына, олоҕуҥ чэгиэн буолуо
Чубуку ♑️
Күн аайы барыта биир, киһи эрэ сылайар. Олоххор саҥа сүүрээн наада – ханна эрэ сылдьан аралдьый, дьиэҕэр тугу эмит уларыт
Күрүлгэн ♒️
Эйиэхэ чугас киһиҥ өйөбүлэ олуһун диэн тиийбэт. Ол онтон дууһан ытыыр, хомойор ⠀
Балыктар ♓️
Балыктар сүрэхтэрин уулларарга дьиҥ кырдьык буолуохха наада