Ахсынньы 17 күнүнээҕи туругунан эбии 203 киһи COVID-19 дьаҥҥа хаптарда

Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 17 күнүгэр биллибитинэн, эбии 203 киһи коронавирустаата. Ол иһигэр 26 киһи ыарыыны сибикитэ суох илдьэ сылдьар.


Дьокуускай — 94;
Алдан — 13;
Мэҥэ Хаҥалас, Нерюнгри — 11-дии;
Ленскэй, Мииринэй — тоҕустуу;
Кэбээйи — 7;
Амма, Бүлүү — алталыы;
Дьааҥы, Горнай, Уус Алдан — биэстии;
Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Томпо — үстүү;
Нам, Ньурба, Хаҥалас, Чурапчы — иккилии;
Өлөөн, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Уус-Майа — биирдии.

Сууккаҕа 3 220 тест оҥоһулунна.

This post was published on 17.12.2020 12:32 12:32