Ядернай энергия историятыгар саамай улахан авария 1986 сыл муус устар 26 күнүгэр Украинаҕа (Ол бириэмэҕэ Украина ССРС састаабыгар баар этэ) Чернобыль куорат аттыгар баар атомнай электростанцияҕа буолбута.
Радиация Сэбиэскэй Сойуус, Европа илин өттүгэр, Скандинавияҕа уонна Англияҕа дылы ардах быһыытынан тиийбит. Украина, Белоруссия уонна Россия улахан киэҥнээх сирдэрэ сутуллубуттара. 350 тыһыынча киһини сутуллубут сирдэртэн эвакуациялаабыттар. Cаахал ликвидациятыгар 600 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлээбит.
Бу авария советскай ядернай промышленноһа куттала суоҕун туһунан боппуруоһу таһаарбыт.
Ахсынньы 14 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 348-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 349-c күнэ). Сыл бүтүө 17 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Аан дойдутааҕы эбисийээнэ күнэ
- Башкортостан (Арассыыйа) — Башкиир тылын күнэ.
- Украина — Чернобыль саахалын ликвидациятын кыттыылаахтарын чиэстиир күн
Түбэлтэлэр:
- 1766 — Ыраахтааҕы Екатерина II анал манифеһынан сокуоннары бэрээдэктииргэ уонна реформалары оҥорорго көмөлөһүөхтээх “Уложеннай хамыыһыйа” диэни тэрийбит. Бу хамыыһыйаҕа империя бары муннугуттан 600-тэн тахса дьокутаат киирбит. Кинилэри кытары Хара Бытык Маһары удьуора Софрон Сыранов дьокутаатынан талыллыбыта.
- 1774 — Cекунд-майор Степан Шатилов Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. Кини бу солоҕо 1778 сыллаахха дылы сулууспалаабыт.
- 1900 — Квант механикатын төрөөбүт күнэ: ньиэмэс учуонайа Макс Планк хара эттик сандаардыытын сокуонун туһунан дакылаат аахпыт.
- 1911 — Руаль Амундсен экспедицията аан маҥнайгыннан Соҕуруу полюска тиийбит.
- 1939 — ССРС Финляндияҕа саба түспүтүн иһин Нациялар Лигаларыттан таһаарыллыбыт.
- 1960 — ЮНЕСКО Үөрэҕирии эйгэтигэр дискриминацияны утары охсуһуу туһунан конвенцияны ылыммыт.
- 1994 — Кытайга Янцзы өрүһүгэр аарыма улахан «Үс хапчаан» быһыты тутан саҕалаабыттар. «Үс хапчаан» аан дойду саамай ыарахан ыйааһыннаах тутуута буолар, массата 65,5 млн тонна кэриҥэ. Кини уу хаайар сирин толороору өрүс кытылыттан 1,3 млн киһи көһөрүллүбүтэ.
- 2004 — Францияҕа биллиилээх кэрэ көстүүлээх күргэ, Мийо Виадуга, аһыллыбыт. Күргэ уһуна — 2 460 м, үрдүгэ — 341 м, 2016 сыллаахха диэри аан дойдуга саамай үрдүк этэ.
Төрөөбүттэр:
- 1503 — Нострадамус (Мишель де Нотрдам) — аатырбыт Франция бырааһа, алхимигэ, бэйиэтэ, астролога уонна билгэлээччитэ.
- 1546 — Тихо Браге — Дания астронома, астролога уонна алхимигэ.
- 1906 — Никита Григорьев (23.01.1989 өлб.) — филология билимин кандидата, кыра үөрэхтээх дьоҥҥо сахалыы ааҕар кинигэлэр ааптардара.
- 1916 — Анна Васильева — өр сылларга Амма улууһун Бөтүҥ сельсоветын исполкомун бэрэстээтэлэ, обкомҥа уонна Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтигэр талыллан үлэлээбит, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Амма улууһун ытык киһитэ.
- 1938 — Иннокентий Пахомов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин биллиилээх реформатора, 1992-2004 сылларга СӨ Сир реформатын уонна сир ресурсаларын судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, сири олохтооһун туһунан элбэх кинигэ ааптара.
Өлбүттэр:
- 1799 — Джордж Вашингтон — Америка Холбоһуктаах Штаттарын бастакы бэрэсидиэнэ (1789—1797 сылларга), Америка тутулуга суох буолуу сэриитин бириэмэтигэр үрдүкү байыаннай хамандыыр уонна Америка Холбоһуктаах Штаттарын олохтообут Аҕалартан биирдэстэрэ.
- 1950 — Николай Тарабукин — эбээн литэрэтиирэтин төрүттээччитэ, бастакы суруйааччыта, эбээн фольклорун чинчийээччи. Эбээн литэрэтиирэлии тыла олоҕурарыгар, эбээн омуга сайдарыгар сүдү улахан кылааты киллэрбит киһи.
- 1976 — Серафим Кулачиков — Эллэй — саха норуодунай бэйиэтэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
- 1981 — Алексей Айкаров (01.01.1920 төр.) — Саха АССР үлэһит кылааһын уонна бырамыысыланнаһын устуоруйатын чинчийбит устуоруйа билимин хандьыдаата.