14 Балаҕан ыйа 14.09
  • $ 90,93
  • 100,8

Ахсынньы 10 күнэ. Киһи быраабын күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 10 декабря 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Киһи быраабын күнэ аан дойдуга 1950 сыллаахтан бэлиэтэнэр. СССРга 1977 сыллаахтан бу күн Москуба Пушкин болуоссатыгар «Митинг молчания» ыытыллара. Арассыыйаҕа 2001 сыллаахтан бу күн суруналыыстарга Андрей Сахаров бириэмийэтин туттараллар.

Бүгүн футбол, харамайдар бырааптарын аан дойдутааҕы күннэрэ. Арассыыйаҕа ис дьыала министиэристибэтин сибээс сулууспата тэриллибит күнэ.

Манчаары Баһылай, Николай Некрасов, Максим Аммосов төрөөбүттэр, Альфред Нобель күн сириттэн күрэммит күннэрэ. 


Ахсынньы 10 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 344-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 345-c күнэ). Сыл бүтүө 21 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

Төрөөбүттэр:

  • 1805 (сенат уурааҕар суруллубутунан) — Василий Федоров — Манчаары Баһылай — бэйэтин киһи быһыытынан дьоһунун көмүскээн номоххо уонна саха устуоруйатыгар киирбит киһи. Маны таһынан кини ырыалара устуоруйаҕа бастакы ааптара биллэр сахалыы уус-уран айымньыларынан билиниллиэхтэрин сөп.
  • 1815 — Ада Лавлейс — Англия математига. Чарльз Бэббидж суоттуур массыынатын ойуулаабытынан уонна бастакынан программа суруйбутунан биллэр.
  • 1821 — Николай Некрасов — бэйиэт, прозаик, публицист, нуучча литэрэтиирэтин классига.
  • 1890 — Ахмад-Заки Валиди-Тоҕан (Валидов) — бэлиитикэ диэйэтэлэ, башкиир омугун босхолонор хамсааһын баһылыга (1917—1920 сс.); публицист; историк, востоковед-тюрколог, бөлөһүөпүйэ дуоктара (1935), профессор, Манчестер университетын бочуоттаах дуоктара (1967).
  • 1897 — Максим Аммосов — сэбиэскэй судаарыстыба уонна баартыйа диэйэтэлэ. Саха сирэ өрөспүүбүлүкэ буоларыгар сүҥкэн оруоллаах. Биэс сыл Казахстааҥҥа үлэлээбитэ, өлүөн иннинэ Кыргыстааны салайбыта.

Өлбүттэр:

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА