8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Абыйга уонна Үөһээ Бүлүүгэ суукка устата 211 туонна уу кутулунна

Хаартыска: Саха парламент саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өлүөхүмэ улууһугар Бэс Күөлтэн 9,8 км  тэйиччи сиргэ баһаар хаппыт иэнэ 13 059 га. Уоту 80 киһи, үс тиэхиньикэ умуруораллар. Дабаантан 13,5 км сиргэ баар баһаар иэнэ 15 302 га. Баһаары умуруорууга 85 киһи сылдьар, 14 тиэхиньикэ үлэлиир.

4,7 км. анал балаһа оҥоһуллубут. Куду Күөлтэн 9,4 км сиргэ баар баһаар иэнэ 3 680 га. Уоту умуруорууга 69 киһи үлэлир. Хороттон 8,8 км сиргэ 420 га иэннээх баһаар бохсуллубут. Уоту умуруорууга 30 киһи үлэлиир. Тээнэттэн 7,8 км сиргэ баһаар бэлиэтэнэр, иэнэ 2 551 га. Уоту умуруорууга 56 киһи, 1 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Быракаан сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ баһаар иэнэ 8 500 га. Умуруорууга 109 киһи сылдьар, 21 тиэхиньикэ үлэлиир. Өргүөттэн 15 км тэйиччи баар  5 727 га иэннээх сири хаппыт баһаары умулларыыга 47 киһи сылдьар, 4 тиэхиньикэ үлэлиир.

Абый улууһугар Белай Гораттан 20 км тэйиччи сиргэ баар баһаар иэнэ 8 994 га. Уоту умуруорууга 77 киһи, 2 тиэхиньикэ үлэлиир. Киэҥ Күөлтэн 19 км сиргэ баһаар хаппыт иэнэ 53 449 га. Уоту умуруорууга 47 киһи, 4 тиэхиньикэ үлэлиир.

Ленскэйгэ Орто Наахараттан 10 км сиргэ 10 га иэннээх сири хаппыт баһаары 6 киһи умуруорар.

Горнай улууһугар Чэкэ Бэс с. таһыгар икки баһаар  0,5  уонна 3 га умайар. Уоту умуруорууга 18 киһи, 2 тиэхиньикэ үлэлииллэр.

Суукка устата Бе-200 амфибия-сөмөлүөтүнэн  уонна Ми-8 бөртөлүөтүнэн Үөһээ Бүлүү уонна Абый улуустарыгар 211 туонна уу кутулунна, суруйда Саха парламент саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА