Абый улууһун Кэбэргэнэтигэр буолбут баһаарга эмсэҕэлээбиттэргэ харчынан көмө оҥоһуллар. Харчы муниципалитет уонна бырабыыталыстыба саппаас пуондатыттан оҥоһуллар.
Икки этээстээх 12 кыбартыыралаах дьиэ Кэбэргэнэҕэ тохсунньу 1 күнэ буолар түүнүгэр уокка былдьанна. Дьиэ быыһаммата. Икки киһи суорума суолланна, 17 киһи эвакуацияланна, ол иһигэр икки оҕо. Билигин баһаартан эмсэҕэлээбиттэр аймахтарынан олороллор.
Бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников мунньахха Үп уонна Үлэ министиэристибэлэрэ харчынан көмө оҥоһулларыгар этии киллэрэллэригэр сорудахтаата. Муниципалитет дьон докумуоннарын оҥорууга ылсыаҕа. Барыллаан биллэринэн, сэттэ кыбартыыра муниципальнай бас билиигэ баар, 5 кыбартыыра приватизацияламмыт.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын сорудаҕынан саҥа дьиэ тутуута эбэтэр муниципальнай бас билиигэ баар кыбартыыралаахтарга компенсация биэриитэ быһаарыллар.
Баһаар биричиинэтэ быһаарыллар. Барыллаан дааннайынан, уоту сэрэҕэ суох туттууттан тахсыбыт буолуон сөп.