Абый нэһилиэгэр үгэскэ кубулуйбут үлэ бырааһынньыга буолла. «Муус күүлэй» бу да сырыыга элбэх дьону түмтэ, ыччакка үтүө холобур буолла. Кыстыгы туоруур иһэр уу бэлэмнэннэ.
Абый нэһилиэгэр ыытыллар «Муус күүлэй» аан бастаан 2017 сыллаахха тэриллибитэ. Кыстыкка иһэр ууну бэлэмнээһиҥҥэ анаан муус ылыытын нэһилиэнньэ сэҥээрэр, күүтэр.
Төһө да ыраах буоллар, Деску учаастактан «Чысхаан» хамаанда кыттан, иккис миэстэни ылла. Ыалдьыттар күрэхтэһии икки төгүллээх кыайыылаахтарын — ОДьКХ филиалын хамаандатын — бэйэлэрин кэннилэриттэн хааллардылар.
«Боотурдар» Абый орто оскуолатын хамаандата чөмпүйүөннээтэ. Кыайыылаахтар анал Кубогынан уонна «Штиль-180» эрбиинэн наҕараадаланнылар.
Үлэ бырааһынньыга 40х20х20 киэптээх 700 мууһу бэлэмнээтэ.
Бэлэмнэниллибит мууһу ыччаттар бэйэлэрэ сатаан ылыммат дьоҥҥо тарҕаталлар, үтүө дьыаланы оҥороллор.
Бу күн хамаандалар икки ардыларыгар табаарыстыы көрсүһүү буолла: «керлинг», «анньыы күрэҕэ», «бобслей», «Бураны соһуу», «үс халыыр».
«Хотугу Кыым», https://ulus.media