18 Алтынньы 18.10
  • -8°
  • $ 97,15
  • 105,76

Абый улууһугар ойуур баһаарын тохтоттулар

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Абыйга ойуур уотун тохтоттулар. Дьааҥыга нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһаабыт икки баһаары кытта охсуһуу салҕанар. Маны сэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар ыарахан балаһыанньа турар. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ойуур баһаардарын туоратыыга КЧС мунньаҕар эттэ.
«Кэнники кэмнэргэ сүрүн болҕомто уонна күүс нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт уокка Абый уонна Дьааҥы оройуоттарыгар уурулунна. Суһаллык ылыллыбыт миэрэлэр, уоту кытта охсуһааччылар сөптөөх үлэлэринэн, ардах түһэн Абыйга уот тохтотулунна. Дьааҥыга нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугас икки уоту кытта үлэ салгыы ыытыллар», — диэтэ Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар.

Салайааччы Үөһээ Бүлүү улууһугар балаһыанньа уустугун бэлиэтээтэ. Быракааҥҥа, Өргүөккэ уоту эргийдилэр. Оройуон кииниттэн чугас баар баһаары кытта үлэ барар.

«Үлэни сымнатан биэрэр  сатаммат. Бары хайысханан үлэ бара туруохтаах, суһаллык умуруоран, баар баһаардары тохтотон», — диэтэ Ил Дархан.

От ыйын 24 күнүгэр Саха сиригэр 90 ойуур баһаара баар, онтон биэһэ бохсулунна. 1800-тэн тахса киһи үлэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА