СӨ Гражданскай оборуона дьыалаларыгар уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар министиэристибэ биир сүрүн соруга – тыйыс усулуобуйалаах хоту сиргэ олоххо наадалаах табаардары тиэрдиини хааччыйыы буолар.
Былырыын ахсынньыга федеральнай координатор – РФ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтэ тэрийиитинэн «Хоту сиргэ таһаҕаһы тиэрдии» стратегическай сиэссийэ аан бастаан ыытыллыбыта. Сиэссийэ кэмигэр билиҥҥи туругунан биһиги өрөспүүбүлүкэбит хоту таһаҕас таһыытын тэрийиигэ уонна сүрүннээһиҥҥэ биир бастыҥ эрэгийиэнинэн буолар диэн бэлиэтэммитэ. Ол курдук эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай былаас уорганнарын, атыылаһааччы тэрилтэлэрин, таһаҕас таһааччылар уонна хааччыйааччылар икки ардыларыгар сөптөөх систиэмэлээх үлэ олохтоммута холобурга турбута. Ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ боломуочуйалары үллэстиигэ, тиэрдиигэ уонна бырабыыталыстыба хамыыһыйаларын тэрийиигэ, навигация кэмигэр уонна кыһыҥҥы өттүгэр тиэйии-таһыы былааннаммыт кээмэйин бигэргэтиигэ нормативнай-сокуоннай аакталар бааллара эмиэ үчүгэйинэн сыаналаммыта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ хотугу тиэйии уратыта диэн, таһаҕас сүрүн кээмэйэ кылгас навигация кэмигэр өрүс суолунан тиэллэн, салгыы кыһыҥҥы сезоннай суоллар кэмнэригэр суол тырааныспарынан тиийэр сирдэригэр тиэрдиллэр. Бу сыл аайы чуолкай систиэмэни уонна анал хонтуруолу ирдиир олус уустук процесс.
2023-2024 сыл кыһыҥҥы кэмигэр 709,2 тыһыынча туонна олоҕу хааччыйар таһаҕас таһыллыбыта, ол эбэтэр былаан 101,2% (700,6 тыһыынча туонна) туолбута. Уопсайа тиэйиигэ-таһыыга 900-тэн тахса тиэхиньикэ кыттыбытыа.
2024 сыллааҕы навигацияҕа Саха сирин олоҕун-дьаһаҕын уонна хаһаайыстыбаннай субъектарын хааччыйыыга 1 187,0 тыһ. туонна кээмэйдээх таһаҕас тиэйиллибитэ. Уопсайа 1 189,1 туонна эбэтэр былаантан 100,2% тиэрдиллибитэ.
Ааспыт сыллааҕы навигация кэмигэр 769 суудуна, ол иһигэр 502 таһаҕас таһар флот, 223 тэхиньиичэскэй флот, 44 пуортар кырааннара туһаныллыбыттара.
Бэлиэтээн эттэххэ, сыл аайы Дьааҥы өрүһүнэн навигация уустук кыһалҕанан буолар. 2024 с. Дьааҥы өрүскэ сүрүн учаастакка уонна өрүскэ уу аҕыйаҕа кыһалҕаны үөскэппитэ. Ол да буоллар, кыһыҥҥы суоллар аһыллыахтарын иннинэ, Усуйаана бөлөҕун улуустарын оттугунан уонна энергетическэй ресурсаларынан хааччыйыы ситиһиллибитэ.