22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр COVID-19 диагнозтаах 46 киһи балыыһаҕа киирдэ

10:00, 21 февраля 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр 46 киһи коронавирустаан балыыһаҕа киирдэ, бу уопсай ыалдьыбыт дьон ахсаанын 4,5% ылар, барыта – 1 018, суһал штаб иһитиннэрэр.

Ыарыы 29,0% Дьокуускайга бэлиэтэнэр, улуустарга – 71,0%.

Олунньу 21 күнүгэр ыалдьыбыт дьон  7,7% балыыһаҕа эмтэнэр, амбулаторияларга – 92,3%.

40% «дельта» штаммы кытта сибээстээх.

Бары ыараханнык ыалдьыбыттар вакцинацияламматахтара бэлиэтэнэр.

Сууккаҕа 1 582 киһи үтүөрдэ.

Быһыы бастакы компоненын 591 822 киһи ылла (82,5% өрөспүүбүлүкэ улахан киһитин ахсааныттан).

Ревакцинацияланнылар — 140 492 киһи.

Ревакцинацияны мөлтөхтүк ааһар улуустар: Нерюнгри, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Өймөкөөн уонна Дьокуускай куорат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА