Саха сиригэр коронавирус ыарыыта арыый аҕыйаабыт. Ааспыт түөрт хонуккакүннэтэ 500-тэн тахса түбэлтэ тахсар эбит буоллаҕына, кэнники сууккаҕа хамсык ыарыыга 487 киһи хаптарда. Ол туһунан атырдьах ыйын 23 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи оперштаб иһитиннэрдэ.
359 түбэлтэ Дьокуускайга бэлиэтэммит.
Оройуоннарга: Мииринэйгэ – 20;
Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар – 17;
Хаҥаласка – 11;
Горнайга-8;
Бүлүү, Нам оройуоннарыгар – 7-лии;
Ньурба оройуонугар — 6;
Алдан, Кэбээйи, Ленскэй, Уус-Алдан оройуоннарыгар 5 — тии;
Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Чурапчы улуустарыгар -4- түү;
Эдьигээн, Сунтаар, Таатта оройуоннарыгар – 3- түү;
Өймөкөөҥҥө-2;
Абый, Анабаар, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Муома, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана улуустарыгар биирдии.
Эрдэ Роспотребнадзор COVID-19 ыарыы үрдүү турарыттан сылтаан, общественнай миэстэлэргэ мааскпалаах режими тутуһарга сүбэлээбитэ. Ыарыыны вакцинацията суох дьон ыараханнык аһардаллар, уонна ревакцинация болдьоҕун көтүппүттэр эмиэ ыараханнык ыалдьаллар.
Саха сирин оперштаба бастатан туран, 60 уонна аҕа саастаах кырдьаҕастарга, ону тэҥэ хроническай ыарыылардаахха, медицинскэй үлэһиттэргэ, үөрэх уонна социальнай эйгэ үлэһиттэригэр быһыыны туруорарга ыҥырар.