8 Балаҕан ыйа 08.09
  • $ 89,82
  • 99,72

Ааспыт сууккаҕа биэс ойуур баһаарын умуруордулар

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Дьааҥы, Бүлүү, Нерюнгри, Өлүөхүмэ уонна Уус Маайа  улуустарынан сууккаҕа 7546 га иэннээх сиргэ 10 ойуур баһаарын умуруордулар.

От ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, Саха сиригэр барыта 936 004 га иэннээх сиргэ 164 ойуур баһаара турбута биллэр. Биир ойуур баһаара «Өлүөхүмэ» заповедникка умайар. Бу туһунан оптуорунньукка Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Үөһээ Дьааҥыга — биир, Бүлүүгэ — биир, Нерюнгрига — үс, Өлүөхүмэҕэ — түөрт, Уус Маайаҕа — биир ойуур баһаара умуруорулуннаУопсайа 46 709 га иэннээх сиргэ биэс ойуур баһаара тохтотулунна», — диэтэ Андрей Коноплев. Миниистир этэринэн, сууккаҕа эмиэ 891 га иэннээх сиргэ 16 ойуур баһаара булулунна. Саха сирин үрдүнэн уоту бохсууга 1771 киһи уонна 141 тиэхиньикэ кытынна.

«Як-40 зондировщик-сөмөлүөт бүгүн Өлүөхүмэ улууһугар искусственнай ардаҕы ыҥырыыга үлэлиэҕэ, былыт баар буоллаҕына Ленскэй улууһугар көтөрө былааннанарБе-200 амфибия сөмөлүөт Өлүөхүмэ улууһугар нэһилиэнньэлээх пууннарга чугас ойуур баһаарын бохсууга туһаныллара былааннанар», — диэн Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ үлэлиир, сэттэ улууска муниципальнай таһымнаах ЫБМ эрэсиимэ оннунан хаалар. Санатан эттэххэ, от ыйын 15 күнүттэн Ленскэй оройуонугар ЫБМ эрэсиимэ биллэриллибитэДьокуускайга уонна Саха сирин 10 улууһугар буруо тарҕанара бэлиэтэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА