Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб олунньу 4 күнүгэр иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр 125 киһи COVID-19 диагнозтаах балыыһаҕа киирдэ, бэҕэһээ — 141. Үгүстэр ыарыыларын чэпчэкитик аһардаллар, ити вакцинаны кытта сибээстээх.
Ааспыт сууккаҕа 3 493 киһи коронавирустаабыта бэлиэтэннэ. Күн иннинэ — 3 381.
Үтүөрдэ 2 162 киһи, күн иннинэ — 2 403.
Төһө да ыарыы түргэнник тарҕаннар, дьон дьаҥы чэпчэкитик аһардынар.
Бастакы компонены 577 897 киһи (80,6% улахан нэһилиэнньэ ахсааныттан) ылла. Ревакцинацияны 129 402 киһи ааста, бу болдьохторо кэлбит дьон 54,0%.