Пасхаҕа анаан Дьокуускайдааҕы, Ленскэйдээҕи епархия, «Айгуль» гипермаркет көҕүлээһиннэринэн Нөмүгүтээҕи килиэби астыыр собуот аарыма улахан кулич килиэби астаата. Ыам ыйын 1 күнүгэр таҥара үлэһиттэрэ алҕаабыт килиэптэриттэн «Айгуль» гипремаркекка тиийэн эмти тутан сиэххэ сөп.
«Бу таҥара килиэбин астыырга 200 кг. үрдүк суортаах бурдугу, 60 кг. саахары, 30 кг цукаты уонна изюму туһанныбыт», — диэн СИА-ҕа килиэп собуотун коммерческай дириэктэрин солбуйааччы Илья Гоголев эттэ.
Кулич эргимтэтэ 120 см., үрдүгэ 1 м. кэриҥэ, ону таһынан мастикаттан оҥоһуга 40 см.
Ким баҕарар Пасха амтаннаах аһылыгын «Айгуль» гипермаркекка тиийэн амсайыан сөп.