22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аармыйа кэккэтигэр сааскы хомуур саҕаланна

17:03, 14 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аармыйа кэккэтигэр сааскы хомуур муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15-гэр диэри салҕаныа. Хоту 14 улууһугар — ыам ыйын 1 күнүттэн саҕаланыа. Сааскы хомуурга 1300 саллааты ыҥырар сорук турар. 


Вице-премьер Ольга Балабкина ыыппыт мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ байыаннай комиссара, полковник Александр Авдонин бүгүҥҥү күҥҥэ хамыыһыйаны 800 –тэн тахса киһи ааспытын, 140 киһи сулууспаҕа ыҥырыллыбытын иһитиннэрдэ. Муус устар 17, 27 күннэригэр 150 ыччаты сулууспалыыр сирдэригэр ыытыахтара. Сулууспаҕа барааччылары коронавирус ыарыытыгар бэрэбиэркэлииллэр.

Аармыйаҕа барааччыларга коронавирустан быһыы туруорар сорук турар. Вице-премьер тустаах сорудах оройуон балыыһаларын кылаабынай быраастарыгар тиэрдиллибитин иһитиннэрдэ. Кини ыам ыйыгар барааччыларга билигин быһыыны туруоран саҕалыыры эттэ. Ольга Балабкина: «Аармыйаҕа сааскы хомууру харыстаныы бары миэрэлэрин тутуһан ыытар сорук турар», диэтэ.  

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА