Уус-Майа территоритынан ааһар «Амма» айан суол 609 км баар Ааллаах-Үүн өрүһү туоруур муостаны оҥоруу салҕанан барар. Тирээбиллэрин таҥыы уонна туруоруу түмүктэннэ.
Сүрүн бэдэрээччит «СтройМост» тэрилтэ (Дьокуускай), ааптар кэтээн көрүүтүн «Азимут» (Хабаровскай) ыытар, тутуу хонтуруолун «Ажик» ХЭУо оҥорор.
Баар муоста хаарбах туруктааҕынан, улахан уйуктаах массыыналар сырыыларын хааччахтыыр. Муоста сууллар кутталлаах. Саҥа муоста Звездочка, Солнечнай, Бриндакит, Юр уонна Югоренок нэһилиэнньэлээх пууннарга техниканан сырыыны хааччыйыаҕа.
Билигин, 2021 сылга былааннаммыт үлэ толору бүттэ. Ити эрээри биригээдэ үлэни тохтоппот, салгыы ыытар. Эбийиэк 2023 сыл балаҕан ыйыгар үлэҕэ киириэхтээх.