Сунтаардар Кыайыы күнүн бырааһынньыгын уратытык тэрийэр үгэстээхтэр. Бу сырыыга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар, тыыл бэтэрээннэригэр, олохтоохторго киинэ устан бэлэхтээтилэр.
Улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Мария Кобельянова биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, сунтаардар бу инниннээҕи сылларга наар мюзикл туруораллар эбит. Ол курдук Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын эдэр учуутала Надежда Тихонова суруйуутунан «Тыыннаахтар умнубат сыллара», «Таптал…Сэрии… Эрэл» диэн ааттаах музыкальнай испэктээкиллэри туруорбуттар. Сылын ахсын ыытыллар испэктээкиллэргэ 600 – 700 киһи кыттар эбит буоллаҕына, Кыайыы 71 сылын көрсө Борис Васильев сэһэнинэн «А зори здесь тихие» киинэни киин болуоссакка олохтоохторго көрдөрдүлэр. Киинэни музыкальнай оскуола үлэһиттэрэ туруордулар.
«А зори здесь тихие» киинэни аҕа көлүөнэ дьон олус сөбүлээн көрөр. Онон билиҥҥи да ыччат хайаан да сэргиэҕэ диэн, бу киинэни сахалыы тыыннаан устарга санаммыттар. Маннык тэрээһиннэр сүрүн сыалларынан ыччаты патриотическай иитиигэ туһуланарын Мария Кобельянова этэр.