Алын дохуоттаах ыал 8-тан 16-гар диэри саастаах оҕолоругар аналлаах өйүүр саҥа миэрэни эбии үбүлээһиҥҥэ Саха сирин бүддьүөтүттэн 412 мөл. солк. аныахтара, бу федеральнай бүддьүөттэн 6 млрд солк. тардарга көмөлөһүөҕэ. Маннык быһаарыыны өрөспүүбүлүкэ экономикатын туруктаах сайыннарыыга оперативнай штабын уочараттаах мунньаҕын түмүгүнэн ылылыннылар, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ миниистирэ Елена Волкова дойду бэрэсэдьиэнин быһаарыытыгар сөп түбэһиннэрэн 8-тан 16-гар диэри саастаах оҕолорго эбии көмө оҥоһуллуоҕа диэн иһитиннэрэн турардаах. Төлөбүр кээмэйэ региональнай тиийинэн олоруу алын кээмэйин 50%, 75% эбэтэр 100% буолуоҕа, харчыны Пенсионнай пуонда нөҥүө биэриэхтэрэ. Өйөбүл саҥа дьаһала региональнай ол иһин федеральнай уонна региональнай бүддьүөттэн үбүлэниэхтэрэ.
Бүгүн, кулун тутар 21 күнүгэр, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев санкциялар содулларын туоратар соруктары быһаарара оперативнай штаб мунньаҕын ыытта. Өрөспүүбүлүкэ экономикатын миниистирэ Майя Данилова оҕолордоох ыалы өйүүр саҥа миэрэҕэ регион бүддьүөтүттэн 412 мөл. солк. көрүллүө диэн иһитиннэрдэ.
«Бүгүн оперштаб мунньаҕар урут ылыллыбыт дьаһаллар таһынан эбии быһаарыы ылылынна. Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев барыта 14,1 млрд солк. бүддьүөттээх сорудах биэртэлээтэ. Билигин 8-танн 16- гар диэри саастаах оҕолорго ыйдааҕы социальнай босуобуйалары эбии үбүлээһиҥҥэ 412 мөл. солк. көрүллүө диэн быһаарыы ылылынна — бу оҕолор дьиэ кэргэттэрин төлөбүрдэригэр федеральнай бүддьүөттэн 6 млрд солк. угарга көмөлөһүөҕэ», — диэн Данилова кэпсээтэ.
Миниистир ону сэргэ ыйдааҕы босуобуйа кээмэйэ 9,7 тыһыынчаттан 23 тыһыынчаҕа диэри буолуоҕа диэн эбэн эттэ.