Бэҕэһээ Дьааҥы оройуонун Дулҕалаах нэhилиэгин «Хаспах» түөлбэтигэр киинтэн ититэр ситими холбуурга аналлаах тэрээhин бэрт сэргэхтик буолан ааста. Өр сылларга чуумпуран турбут боппуруос быhаарылынна.
«Бу сайын киин ситимтэн 26 ыал холбонуохтаах. Онно соҕотох олорор кырдьаҕастар, доруобуйаларынан хаччахтаах дьон, нэhилиэк кыаммат араңата хабыллыа. Итиэннэ «Эдэр ыччат кыбаартала» диэн сүүрэхтэммит икки саңа дьиэ тутуммут эдэр ыал холбонуохтаах«, — диэн Дулҕалаах нэhилиэгин баhылыга Дмитрий Колесов иhитиннэрдэ.
Кини эппитинэн, бу үлэҕэ олохтоох бюджеттан 1 300 000 солкуобай харчы көрүлүннэ.
Эhиил эбии 20 ыал холбонуохтаах. Оччоҕуна бүтүннүү киинтэн ититиигэ холбоноллор.
Урбаанньык Владимир Сыромятников салайааччылаах 6 киhилээх биригээдэ уолаттара бэс ыйын устата сүрүн трассаны тардан бүтэрэр былааннаахтар.
Онон күhүҥҥэ диэри киинтэн тардыллар ситим үлэ5э киирэн, Хаспах микрооройуон ыаллара кыстыгы итии дьиэлээх көрсүөхтэрэ.
Томороон тымныылаах хоту дойду кыhалҕата үгүс. Дулҕалаахтар оттор мастарын 15-16 тыhыынчаҕа 20 килэмиэтирдээх сиртэн тиэттэрэллэр. Чугаhынан оттук мас аҕыйаан, маhы тиэттэрии ороскуота улааттар-улаатар.