Ааспыт өрөбүллэргэ Саха сирин биир кырдьаҕас куоратын – кырылас кумахтаах Бүлүү куорат Күнүн, үгэс быһыытынан, бүлүүлэр киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтээтилэр.
Икки күн араас көхтөөх, киһи болҕомтотун тардар тэрээһиннэргэ куорат олохтоохторо, ыалдьыттар үөрэ-көтө кытыннылар. Куорат Күнэ“Азия оҕолоро” күрэхтэһии кыайыылаахтарын кытта сарсыардааҥы сэрээккэттэн саҕаламмытын курдук тэтимнээхтик ааста. Бү күн тыыларынан, катамараннарынан устан күрэхтэһии, велосипедынан сүүрдүү, араас дьаарбаҥка, лотерея, эдэр, орто саастаах, кырдьаҕас ыаллары чиэстээһин, конкурстар, ол иһигэр уруһуйга, граффитига бастыҥнары быһаарыы, баянынан доҕуһуоллаах үҥкүү тэрилиннэ…
Икки күн Саха эстрадатын ырыаһыттарын, олохтоох толорооччулары, оҕолору элбэх киһи дуоһуйа иһиттэ. Бүлүүтээҕи казактар хордара араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан ыллаабытын-туойбутун дьон сэҥээрдэ.
Казактар сквердэригэр, “Ытык Бүлүү” бэлиэҕэ официальнай тэрээһиннэр аастылар. Куорат былааҕын көтөҕүүгэ сэрии кыттыылааҕа, оройуону, куораты салайсыбыт, Өрөспүүбүлүкэ Бочуоттаах бэтэрээнэ, 90 саастаах ытык кырдьаҕаспыт Кирилл Егорович Павлов кыттыбытын дьон сэргээтэ.
Дьон таптаан сынньанар куорат күөх пааркатыгар ыытыллыбыт араас тэрээһиннэргэ бүлүүлэр көхтөөхтүк кытыннылар, сынньаннылар. Куорат күнүн биир умнуллубат түгэнинэн туорду амсайыы буолар. Үгэс быһыытынан кондитердар сыл аайы биир улахан туорду бэлэмнииллэр. Быйыл 3 м уһуннаах туорду быстылар. Куорат баһылыга Александр Шипков туорт бастакы тоорохойун кырачаан киһиэхэ анаата. Бу күн баҕалаах оҕо, улахан дьон минньигэс туорка тиксэн үөрүүлэрэ үксээтэ.
Куорат күнэ сэргэх кэнсиэринэн, фейерверк ытыынан түмүктэннэ.