Кэлэр сылга Уус-Майа оройуонугар «Сардана» сир баайдаах сиригэр сибиниэс-цинк уонна Томпо улууһугар «Агылкинское» сир баайдаах сиригэр алтан-вольфрам хостооһуннарыгар үлэ саҕаланыаҕа. РФ президенэ Владимир Путин быһа сорудаҕынан Томторго ураты тимири промышленнай эксплуатацияҕа бэлэмнэнии үлэтэ тэтимирдэ. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар эттэ.
«Россия президенэ дойдуга технологическай суверенитет сыалын ситиһии сырьевой суверенитеты кытта ыкса сибээстээх. Бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит сүрүн соруга буолар. Саха сиригэр, син-биир урукку курдук, геологическай-чинчийэр үлэлэр Россия кыаҕын ситиһиигэ источник буолаллар.
Саха сиригэр федеральнай бюджеттан кэлэр үс сылга ууруллубут 18,4 млрд солк хас да сылы инникилээн промышленность улаатарыгар баазаны тэрийиэҕэ. Кэлэр сылтан Алдаҥҥа, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Өлөөҥҥө, Томпоҕо уонна Усуйаанаҕа геологтар киэҥ хабааннаах үлэни ыытыылара саҕаланыаҕа. Кэлэр уон сылга өрөспүүбүлүкэ 20 оройуона бу тосхолунан хабьыллыаҕа», — диэтэ Ил Дархан.