Россияҕа биэнсийэ 2025 сылга эбии индексацияланыан сөп, 2024 сылга баар инфляция борогунуос көрдөрүүтүттэн үөһэ буоллаҕына. Былааннаммыт индексация тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар, 7,3%. Ол туһунан социальнай пуонда баһылыга Сергей Чирков эттэ, суруйар ТАСС.
Страховой биэнсийэ индексацията 2025 сылга үлэлиир биэнсийэлээхтэри эмиэ таарыйар.
«7,3%-наах инфляция суумата баар, уурулла сытар, ити эрээри баар инфляция үрдүк буоллаҕына, бырабыыталыстыба суһаллык эбии индексация туһунан уураах ылыныаҕа. Социальнай пуонда ону толоруоҕа», — диэтэ салайааччы Федерация сэбиэтин мунньаҕар.
Чирков Россия 42 мөл олохтооҕо 2025 сылга биэнсийэ ыларын иһитиннэрдэ. Страховой биэнсийэ төлөбүрүгэр 11 трлн солк, судаарыстыбаннай хааччыйыыга — 825 млрд солк.