2025 сылга хат буолуу уонна оҕолонуу босуобуйатын муҥутуур кээмэйэ 794 тыһ. солк. диэри улаатара былааннанар, диэн ТАСС-ка Арассыыйа үлэҕэ министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Биир кэмнээх страховой усунуоһу киллэрэннэр 2025 сылга босуобуйалар муҥутуур кээмэйдэрин үрдэтэри былаанныыллар: хат буолуу уонна оҕолонуу— 794 355,80 солк. (бу 140 күнү ааҕан төлүүллэр), онтон оҕо көрөн олорууга ыйдааҕы босуобуйа муҥутуур кээмэйэ — 68 995,51 солкуобай буолуоҕа»,- диэн Үлэ министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.