24 Сэтинньи 24.11
  • -27°
  • $ 102,58
  • 107,43

2024 сылга тарыыптар уларыйыыларын дьүүллэстилэр

11:01, 21 декабря 2023
Текст:
Хаартыска: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ахсынньы 18 күнүгэр Судаарыстыбаннай сыана кэмитиэтин кэллиэгийэтин уонна уопсастыбаннай сэбиэтин чилиэннэрэ 2024 сылга коммунальнай өҥөҕө  барыллаан тарыыптары дьүүллэстилэр.

Холобур, олохтоохтор коммунальнай өҥө иһин төлөбүрдэрэ улаатарыгар орто индекс  өрөспүүбүлүкэҕэ 9,5 бырыһыаны аһарыа суоҕа.

Судаарыстыбаннай сыана кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Бочков тарыыптар уларыйар төрүөттэрин туһунан кэпсээтэ.

Сүрүн төрүөттэринэн дойду экэниэмикэтигэр инфляцияны, логистика ороскуотун, биржа табаардарыгар (ол иһигэр, чоххо, ньиэпкэ, дизель оттукка) сыана үрдээһинин ааттаата.

РФ бырабыыталыстыбата киллэрбит индекстэринэн, 2024 сыл от ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо коммунальнай өҥөлөргө төлөбүрдэрин улаатыыта ортотунан 9,5  бырыһыан буолуоҕа. Төлөбүр үрдээһинин орто индексэ бу бырыһыаны аһарыа суохтаах.

Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар чэпчэтиилээх, ол эбэтэр коммунальнай өҥөлөргө кыччатыллыбыт тарыыптар бааллар. Санатан эттэххэ, дьиэ-уот, коммунальнай өҥөлөрүгэр  ороскуоттар чэпчэтиилээх тарыыбынан 15 %, онтон кыра дохуоттаахтарга 0%-15% буолаллар, аадырыстаах субсидиялар көрүллэллэр (Арассыыйаҕа 22 бырыһыан).

Нэһилиэнньэҕэ тарыып уонна экэниэмикэ өттүнэн олохтоммут тарыыптар арыттара өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн толуйуллар. Бу сыалга-сорукка 2024 сылга 41 миллиартан тахса суума ирдэниллэр (бу суума РФ субъектарын ортолоругар саамай үрдүк).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА