22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

2024 сылга диэри Саха сиригэр 15 аэропорт саҥардыллыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр 2024 сылга диэри магистральнай инфраструктураны саҥардыы уонна кэҥэтии бырагырааматынан 15 аэропорт саҥардыллыаҕа. Итини таһынан, өрөспүүбүлүкэ салалтата өссө 11 аэропорту саҥардыы туһунан боппуруоһу туруорар. Ол туһунан Айсен Николаев Дьокуускайга оптуорунньукка ыытыллар биир ньыгыл  Уһук Илиҥҥи  авиахампаанньа стратегическай сессиятыгар иһитиннэрдэ.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга аэропортары саҥардыы Саха сирин киэн территориятыгар сырыыны хааччыйар тыын суолталаах боппуруос буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. «Аҥардас Саха сиригэр 31 аэропорт баар. Кинилэртэн үгүстэрэ ааспыт үйэ 40-с- 50-с сылларыгар тутуллубуттара. Буор суоллаах хас даҕаны аэродромнар бааллар, балар халаан эбэтэр ардаах ууттугар алдьаналлар.  Биллэн турар, саҥардар үлэ ирдэнэр.  Магистральнай инфраструктураны кэлимник саҥардыы былаанын чэрчитинэн 2024 сылга диэри 15 аэропорду оҥоруохтаахтар. Биһиги эбии өссө 11 аэропорту саҥардыы туһунан боппуруостары туруорабыт: Ленскэй, Сунтаар, Алдан, Муома, Уус-Куйга, Сааскылаах, Уус-Майа, Баатаҕай, Өлөөн, Зырянка, Маҕан портарын. Аэропортары туһанарга саҥа аныгы тиэхиникэнэн хааччыйыахха наада», — диэн Николаев болҕомтотун уурда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА