2024 сылга 79 социальнай эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирэрэ былааннанар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр 2024 сылга 79 социальнай эбийиэктутуллан, үлэтэ саҕаланыахтаах. Бу рекорд. Ол туһунан «Прямой разговор» биэриигэ Ил Дархан Айсен Николаев кулун тутар 20 күнүгэр иһитиннэрдэ.

Санаттахха, кулун тутар ыйга өрөспүүбүлүкэҕэ биир күн тэҥинэн 12 социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэк стартаабыта. Ол иһигэр бөдөҥ балыыһа комплекстара, поликлиникалар, оскуолалар, спортивнай саалалар, ыраас уунан хааччыйыы уонна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү.

«Быйыл социальнай эбийиэктэри арыйан үлэлэтиигэ рекорд — 79 эбийиэк. Манна хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү киирбэт. Биһиги элбэҕи тутабыт. Сүрүнэ, бу тэтими ыһыктыбакка, тутааччылар хаачыстыбалаахтык уонна болдьоҕор эбийиэги тутуохтаахтар», — диэтэ регион баһылыга.

This post was published on 25.03.2024 14:01 14:01