22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

2023 сылга тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ 14 млрд 200 мөл солкуобайтан тахса үп көрүлүннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин судаарыстыбыннай мунньаҕын (Ил Түмэн) депутаттара өрөспүүбүлүкэ 2023 сыллааҕы бүддьүөтүн бастакы ааҕыыга ылыннылар. Тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүҥҥэ 2023 сылга 14 млрд 200 мөл. солк. тахса үп көрүлүннэ диэн, регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Биһиги сылтан сыл ахсын тыа хаһаайыстыбатын өйөөһүн кээмэйин, төһө да ыарахаттар баар буолбуттарын үрдүнэн улаатыннарабыт. 2023 сылга бу хайысхаҕа 14 млрд 200 мөл. солк. тахса үп көрүлүннэ. Билиҥҥи усулуобуйаҕа-бу улахан ситиһии», — диэтэ Айсен Николаев.

Регион салайааччыта доруобуйа харыстабылын боппуруоһун туспа бэлиэтээтэ. Кини кэлиҥҥи үс сылга региоҥҥа булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын территориальнай пуондатын бүддьүөтэ былааннаахтык улаатарын бэлиэтээтэ. Кэлэр сылга бу сыыппара 2,5 млрд солк. улаатыаҕа, оттон өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн субвенция 2023 сылга 7,4 млрд солк. улаатыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА