Ил Дархан Айсен Николаев анал этиитигэр 2023 сылы Саха сиригэр “Үлэ сылынан” биллэрбитэ. Муниципальнай тэриллиилэргэ эмиэ «Сылы» биллэрии дьаһала үгэскэ кубулуйда. Улуустар быйылгы тэрээһиннэрин туох сылын биллэрэн болҕомтолорун ханнык хайысхаҕа туһаайбыттарын СИА билистэ.
- Алдан улууһугар – Үлэ сыла уонна Алдан 100 сыла (Год трудовой доблести)
- Аллайыахаҕа – Тупсарыы сыла (Год благоустройства)
- Аммаҕа – Историческай нэһилиэстибэ уонна патриотизм сыла (исторического наследия и патриотизма)
- Анаабырга — Табаны иитии сыла (оленеводство)
- Булуҥҥа — өрөспүүбүлүкэҕэ курдук Үлэ сыла
- Үөһээ Бүлүүгэ – Исидор Барахов сыла
- Бүлүүгэ – Доруобуйа харыстабылын сыла
- Горнайга —Тупсарыы сыла (Год благоустройства)
- Эдьигээҥҥэ —Николай Васильевич Шемяков 110 сыла
- Кэбээйигэ – Экология уонна ордук харыстанар айылҕа территориятын сыла (Год экологии и ООПТ)
- Мэҥэ Хаҥаласка – Тыа хаһаайыстыбатын сылын уһаттылар
- Мииринэйгэ – өрөспүүбүлүкэҕэ курдук Үлэ сыла
- Муомаҕа – Тыа хаһаайыстыбатын сыла
- Намҥа – Сомоҕолоһуу уонна биир санааланыы сыла
- Нерюнгрига – өрөспүүбүлүкэҕэ курдук Үлэ сыла
- Ньурбаҕа — Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сыла
- Өймөкөөҥҥө — Бииргэ үлэлээһин уонна үтүө ыаллаһыы сыла (Год сотрудничества и добрососедства)
- Өлүөхүмэҕэ – меценат Степан Идельгин сыла
- Өлөөҥҥө — Эбэҥки тылын сыла
- Орто Халымаҕа — Аҕа сыла
- Сунтаарга– Төрөөбүт төрүт тыл сыла
- Тааттаҕа – эмиэ Үлэ сыла
- Томпоҕо – Олохтоох оҥорон таһаарыы сыла
- Уус Алдаҥҥа — Инфраструктура сайдыытын сыла
- Хаҥаласка – Тыа хаһаайыстыбатын сыла
- Чурапчыга – Ытыктабыл сыла
- Эбээн Бытантайга – Үлэ уонна айымньылаах буолуу сыла (Год труда и созидания)
- Абый улууһугар –
- Үөһээ Халымаҕа —
- Дьааҥыга –
- Аллараа Халымаҕа—
- Ленскэйгэ –
- (Испииһэк салҕанар)