Территориялары сайыннарыы пуондатын кытта бииргэ үлэлээһин түмүгэр, Саха сиригэр тоҕус хочуолунай тутуллар буолла. Бу сыалга миллиардтан тахса солк суума көрүлүннэ, суруйар СИА.
«Бүтэһик үс сылга пуонданы кытта ыкса үлэлиибит. Саха сирин киин өттүгэр тоҕус хочуолунай тутуллар — Таатта, Томпо, Уус Алдан улуустарыгар. Быйыл тутуллаллар, 2024 сылга үлэҕэ киллэриллэр эмиэ бааллар. Үбүлээһин уопсай суумата биир миллиард солк тахсар», — диэтэ ОДьКХ миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Кини эппитинэн, Саха сирэ сылын аайы 15 хочуолунайы үлэҕэ киллэрэр. Сылын аайы киин ититэр ситимҥэ 1,5 тыһ абонент холбонор.