22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

2023 сылга Дьокуускай 75 саҥа оптуобус ылыан сөп

15:28, 03 февраля 2023
Текст:
ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай дьаһалтата 2023 сылга 75 саҥа оптуобуһу сакаастыыр. СИА-ҕа куорат баһылыгын тырааныспарга солбуйааччыта Антон Алексеенко эппитинэн, саҥа тырааныспар куорат таһыгар уонна иһигэр тэҥинэн маршруттаныаҕа.

«Ааспыт сылга бырабыыталыстыбаны кытта бииргэ үлэлээбиппит, техника ылыытыгар федеральнай бырагыраамаҕа киирсэн, сыананы удамырдаппыппыт. Быйыл тырааныспар министиэристибэтин кытта састаабы саҥардар былааннаахпыт», – диэтэ Алексеенко.

Кини бэлиэтээбитинэн, куорат таһыгар сылдьар маршруттаах оптуобустар пааркалара 100% саҥардылынна. «Сайаапкабытыгар 75 оптуобус суруллар. Ол иһигэр улахан кылаастаахтар. Билигин федеральнай үптэн ылыыга үлэлиибит. Билигин уопсастыбаннай тырааныспар – сытыы тиэмэ. Үлэлиэхпитин наада», – диэтэ Антон Алексеенко.

Оптуобус ситимин модернизациялааһын 2024 сыл сааһыгар түмүктэнэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА