2023 сылга РФ миниистирдэр кабинеттара дойдуга коммунальнай инфраструктураны саҥардыыга 440 млрд солк анаатылар. Бу 2,5 төгүл элбэх, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, диэтэ президент Владимир Путин, суруйар ТАСС.
«Бырабыыталыстыбаны коммунальнай инфраструктураны саҥардыыга бырагыраама оҥорорго сорудахтаммыта. Ааспыт сылга бу сыалга 170 млрд солк көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл — 440 млрд солк буолла», — диэтэ президент бырабыыталыстыбаны кытта мунньахха.
Судаарыстыба баһылыга бэлиэтээбитинэн, «бу улахан харчы».
«Ханна уонна хаһан, ханнык хайысхаҕа харчы ыытыллара барыта сурулунна», — диэтэ кини.
Путин ОДьКХ эйгэтэ сүрүн хайысха буоларын эттэ, бу мантан «мөлүйүөнүнэн дьон олоҕо-дьаһаҕа тутулуктаах» диэтэ.