2022 сылга Саха сиригэр социальнай аналлаах 82 объегы үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Барыта 18 оскуола уонна доруобуйа харыстабылын 27 объега үлэҕэ киириэхтээх. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ экономикатын миниистирэ Майя Данилова Инстаграм ситимигэр быһа биэриигэ иһитиннэрдэ диэн СИА кэпсиир.
Урукку сылларга 7-10 оскуола тутар буоллахтарына, 2022 сылга барыта 18 оскуола, 7 оҕо саада, биир профессиональнай үөрэхтээһин объега уонна биир эбии үөрэхтээһин объега киирэрэ былааннанар. Бу саҥа оскуоланы тутааһыҥҥа уһулуччу элбэх көрдөрүү буоларын бэлиэтээтэ. Итиэннэ култуура 15 объега, физическэй култуура уонна спорт 11 объега уонна социальнай хааччыйыы 2 объега.
«Билигин доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр олус улахан болҕомто ууруллар, ол иһин саамай элбэх объектары бу өттүнэн тутуохтара – 27. Доруобуйа декадатынан эмиэ бэлиэ объектар баар буолуохтара«, — диэн Майя Данилова бэлиэтээтэ.
Санатан эттэххэ, Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев СӨ Ил Түмэҥҥэ анаммыт этиитигэр САССР 100 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа олорор дьиэлэр, оскуолалар, балыыһалар, култуура уонна спорт тэрилтэлэрэ тутуллуохтара, суолу-ииһи өрөмүөннүөхтэрэ, аныгы общественнай миэстэлэр тэриллиэхтэрэ диэн иһитиннэрбитэ.