Дьокуускай куорат Думатын депутаттара 39-с уочараттаах сессияларыгар 25 боппуруоһу дьүүллэстилэр. Кинилэр ортолоругар: уопсай орто, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр боломуочуйалары толоруу бэрээдэгин бигэргэтии, «Дьокуускай куорат» Хонтуруоллуур- Счетнай палататын председателин анааһын, куорат уулуссаларын ааттарынан иҥэрии.
Депутаттар сессияларын кэмигэр «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук Устаабыгар уларытыылары киллэрии федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэрэр, ону тэҥэ 2022 сылга уонна 2023 уонна 2024 сыллардааҕы былааннаах кэмҥэ уларытыылары киллэрии бигэргэннэ.
Дьокуускай куорат дьаһалтатын үп департаменын начальнига Ольга Максимова иһитиннэрбитинэн, куорат бюджетын дохуоттаах чааһын чуолкайдааһын 2022 сылга 688,2 мөл. солк. төлөммүт. Чуолкайдаммыт былаан 26,9 млрд солк. буолара былааннанар. Бюджет ороскуота 688,2 мөл. солк. улаатта, былааннаммыт суумата 27,7 млрд солк. Ол курдук, 2022 сылга эбии үп үөрэх сайдыытыгар (+ 717,3 мөл.), «Дьокуускай куорат культурата»2020-2024 сылларга» (+95,9 мөл.),» 2020-2024 сылларга куорат уокуругун баайын- дуолун уонна сир комплексын сайыннарыы» (+59,8 мөл.), «Ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. Доруобай куорат 2020-2024 сс. » (+54,4 мөл.), «Дьокуускай куоракка 2020-2024 сылларга олорор дьиэнэн хааччыйыы «(+34,6 мөл.), «Дьокуускай куорат» 2020-2024 сылларга агропромышленнай уокуругун сайыннарыы» (+34,3 мөл.), «Дьокуускай куорат ОДьКХ «2020-2024 сс.) уонна да атын хайысхалар.
Сиһилии https://ysia.ru/bolee-700-mln-rublej-napravyat-na-razvitie-obrazovaniya-yakutska-v-2022-godu/