23 Муус устар 23.04
  • $ 93,25
  • 99,36

2022 сылга бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэргэ 5,5 млрд солкуобайы көрдүлэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин 2022 сыллаах судаарыстыбыннай бүддьүөтүгэр бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр хамнастарын үрдэтиигэ, ону тэҥэ  үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин үрдэтиигэ үп көрүлүннэ. Бу сыалга көрүллүбүт үп уопсай суумата 5,5 млрд солк. кэриҥэ. Ол туһунан өрөспүүбүлүкэ үбүн министрэ Валерий Жондоров быһаччы эфир кэмигэр биллэрдэ диэн  СИА кэпсиир.

Саха сирин үбүн миниистирэ Валерий Жондоров бэлиэтээбитинэн, хамнас үрдээһинин хааччыйыы — тутаах боппуруостартан биирдэстэрэ буолар.

«2012 сылтан саҕалаан бүддьүөт эйгэтин идэлээх үлэһиттэрин хамнастарын дойду бэрэсэдьиэнин ыйааҕынан сыыйа үрдэтэн иһэллэрин бары билэҕит.  Манна анаан биһиги 2,9 млрд солк. көрдүбүт. Ону таһынан 2022 сылга бүддьүөткэ үлэлиир бары үлэһиттэр хамнастара үрдүөҕэ», — диэн Валерий Жондоров чопчулаата.

Кини кинилэргэ хамнас үрдээһинэ икки түһүмэҕинэн барыахтааҕын эттэ: тохсунньу 1 күнүттэн 3,6% уонна алтынньы 1 күнүттэн 2,4% үрдүөхтээх. 2022 сыл түмүгүнэн бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара 6% үрдээтэ, ити сыалга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр 1,39 млрд солк. көрүллүбүтэ. Ону тэҥэ үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин улаатыннарыыга 1 млрд солк. тахса көрүллүбүтэ. Министир кэлэр сылга Саха сиригэр МРОТ Арктика зонатыгар 38 800 солк. уонна өрөспүүбүлүкэ атын эҥэригэр 34 500 солк. буолуохтааҕын санатта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА