22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

2022 сылга 4 тыһыынчаттан тахса саха киһитэ бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэлии киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Олохтоох каадырдары бырамыысыланнаска» бырайыак чэрчитинэн, 2022 сылга 4 тыһ. тахса саха киһитэ бырамыысыланнас хампаанньаларыгар үлэлиир. Ол туһунан регион баһылыга Айсен Николаев ГТРК «Саха» «Прямой разговор» биэриитигэр Россия 24 ханаалга иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

«Олохтоох кадрдар бырамыысыланнаска» бырайыак туһунан этэр буоллахха, быйыл 4 тыһ. тахса киһи, итинтэн 2,5 тыһ. — 35- гэр диэри саастаах ыччат бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үлэлии киирдилэр. Бу көрдөрүү кэнники сылларга бырамыысаланнас хампаанньаларын кытта сибээстээх үлэ барбытын көрдөрөр», — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга, төһө да арҕаа дойдулар санкция биллэрбиттэрин иһин,  «регион бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр сайдыы салҕанар, ону тэҥэ бырайыактары олоххо киллэрэр, саҥа үлэһиттэри эбии ыла тураллар».

Устудьуоннар этэрээттэригэр Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 2,5 тыһ. кэриҥэ киһи үлэлиэҕэ. Кинилэри чуолаан, «Сибиир күүһэ» газопровод бырайыактарыгар, Арктика территориятын ыраастааһыҥҥа, Дьокуускай куораты тупсарыыга, тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлэтиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА