Саха сиригэр салгынынан пассажир эргиирэ 2022 сыл тохсунньу- кулун тутар ыйдарыгар 2021 сыл туһааннаах кэмин таһымыттан 15,5% улаатан 165 922 киһиэхэ тэҥнэстэ. Оттон 2022 с. кулун тутарга 61 757 киһи көппүт, ол аата 2021 сыл кулун тутардааҕар 8% элбэх.
Саамай ирдэниллэр маршруттарынан «Дьокуускай» аэропорт I кыбартаалыгар баар киин расписание хайысхаларынан – Москва (уопсай көрдөрүүттэн 33,7%), Новосибирскай (16,5%) Владивосток (5,2 %), Санкт-Петербург (5%) Иркутскай (4,8 %), олохтоох маршрутунан Баатаҕай (1,9%) Тиксии (1,7 %), Мииринэй (1,3%), Өлүөхүмэ (1,3%) Сааскылаахха (1,2%).
«Дьокуускай» аэропорт дьону таһарга лидердэрэ 2022 сыл бастакы кыбартаалыгар «Якутия» авиахампаанньа (38,2 %), «Сибиир» (37 Airlines, 35,7 %), «Полярные авиалинии» (10,6 %) уонна Аэрофлот (8,2%) буоллулар.
2021 сыл түмүгүнэн аэропорт 795 тыһ. тахса пассажиры таспыт, ол эбэтэр 37%-нан 2020 сылтан элбэх. Билигин «Дьокуускай» аэропорт пассажирскай таһаҕаһы таһыыга 10 авиахампаанньаны кытта бииргэ үлэлиир, диэн пресс- сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.