Саха сирин суолларын управлениетын генеральнай дириэктэрэ Анатолий Потапов Якутия24 телеханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ иһитиннэрбитинэн, «Безопасные и качественные автомобильные дороги» нацбырайыагынан регион суолталаах транзитнай уулуссалары сырдатыыга үлэ салгыы барыаҕа. Бу уопсайа 19 км.
Уулуссалары сырдатыы үлэтэ Хаҥалас улууһун Улахан-Ааныгар, Өлүөхүмэ улууһун Солянкатыгар уонна 1 Нөөрүктээйитигэр, Мэҥэ Хаҥалас Чүүйэтигэр, Кэбээйи Батамайыгар уонна Сиэгэн Күөлүгэр, Ленскэй Новай Мурьятыгар, Уус Алдан Бороҕонугар уонна Оҕуруоттааҕар ыытыллыаҕа.
«Бу эбийиэктэргэ үлэ барыыта эрдэ бырайыактаммыттара. Сорох сирдэринэн дьон өлүүлээх суол саахала тахсыталаабыта. Уулуссалары сырдатыы массыына саахала тахсыытын сэрэтэр аналлаах», — диэтэ Анатолий Потапов.