2021 сылга ким эрдэлээн биэнсийэҕэ тахсыан сөбүй?

2021 сылга биэнсийэҕэ эрдэлээн тахсыы быраабынан Россияҕа элбэх киһи туһаныан сөп. Кимнээх саастарын туола иликтэринэ бу миэрэн туһаныахтарын сөбүй, ол туһунан «Парламентская газета»-ҕа Федерация Сэбиэтин социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Елена Бибикова эттэ.


Биэнсийэ сокуона эрдэлээн биэнсийэҕэ тахсыыны доруобуйаҕа буортулаах уонна кутталлаах үлэ усулуобуйалаах тэрилтэҕэ үлэлэччилэргэ, медиктарга уонна педагогтарга көҥүллүүр, диэтэ Елена Бибикова.

«Маннык быраабынан биэнсийэҕэ тахсыан иннинээҕи саастаах дьон үлэттэн штат сарбыйыытыгар түбэһэн уурайбыт буоллаҕына уонна элбэх оҕолоох ийэлэр туһаналлар», — диэтэ сенатор.

Маны сэргэ ыстаастара элбэх буоллаҕына, маны сэргэ Уһук Хоту оройуоҥҥа өр үлэлээбит буоллаҕына.

Сиһилии https://ysia.ru/kto-smozhet-v-2021-godu-vyjti-na-pensiyu-dosrochno/

This post was published on 14.12.2020 12:01 12:01