Саха сирин суолларын инфраструктуратын тупсарыы национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллыаҕа. Бу туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ Этиитигэр бэлиэтээтэ.
«Өскөтүн урукку өттүгэр сылга 50-100 км регионнааҕы суол оҥоһуллар, тутуллар буоллаҕына, национальнай бырайыак чэрчитинэн быйыл 148 км оҥоһулунна. 2020 сылга өссө кэҥэтэр, улаатыннарар былаан баар — 200 км тириэрдэр», — диэтэ Айсен Николаев.
Элбэх суол Дьокуускай куоракка оҥоһуллуо. Манна 1,5 млрд.солк. көрүллэр, федеральнайдааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бюджеттартан.
Ил Дархан сорудаҕынан, бырабыыталыстыба СӨ Суолун фондатыттан эбии 60 мөл.солк. куорат суолларын бырайыактааһыҥҥа уонна Ленин аатынан проспегы оҥорууга көоүө.