29 Муус устар 29.04
  • -6°
  • $ 91,78
  • 98,03

14 нэһилиэнньэлээх пуун түргэн интэриниэттээх сибээстэннэ

Фото: сайт "Саха сирэ"
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев Кэбээйи улууһугар 4G стандартаах суотабай сибээһи киллэрии сиэригэр-туомугар кытынна. Сиэгэн Күөл сэлиэнньэтэ – “Ростелеком” хампаанньа туппут базовай ыстаансыйалардаах Саха сирин 14 нэһилиэнньэлээх пуунуттан биирдэстэрэ.

«Биһиэхэ базовай ыстаансыйалаах 13 атын нэһилиэк холбосто. Барыгытын бу кэрэ-бэлиэ түгэнинэн эҕэрдэлиибин. Биллэн турар, билигин хаачыстыбалаах сибээс – бары өттүнэн тупсаҕай олох усулуобуйата. Ити олох бары эйгэтигэр табыгастаах усулуобуйаны киллэрэриттэн, нэһилиэнньэлээх пууннар туруктаахтык сайдалларын көҕүлүүрүттэн олус үөрэбин. Өрөспүүбүлүкэҕэ кыра нэһилиэнньэлээх пууннары сибээһинэн хааччыйарга үлэ ыытыллар. Ол –дойду бэрэсиэдьиэнэ Владимир Путин сири-уоту сайыннарарга бэлиитикэтин олоххо киллэрии холобурдарыттан биирдэстэрэ. Бу сыл бүтүөр диэри өссө 14 кыра нэһилиэккэ мобильнай сибээс киллэриллиэҕэ. Ол – СӨ Сибээскэ министиэристибэтин уонна Ростелеком холбоһуктаах улахан үлэлэрин түмүгэ. Сүрүнэ, өҥө сыанатын киһи ылынар”, — диэн Айсен Николаевбэлиэтээн эттэ.

Сиэгэн Күөл сэлиэнньэттэн ураты түргэн интэриниэттээх суотабай сибээс Кэбээйи улууһун Баҕадьа уонна Тыайа, Үөһээ Бүлүү — Быракаан, Бүлүү — Күүлэкээн, Ленскэй — Чамча, Мэҥэ Хаҥалас — Даркылаах, Уус Маайа — Күпсү уонна Эдьээн, Алдан — Чагда, Муома — Чуумпу Кытыл, Өлүөхүмэ – Дьэлгэ уонна Уолбун, Таатта – Хара Алдан нэһилиэктэригэр киллэрилиннэ.

2023 ыл бүтүөр  диэри “Ростелеком” ПАО өссө 14 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа: мобильнай ситим базовай ыстаансыыйаларын тутан киллэриэҕэ.

Дьиэтээҕи эрэгийиэҥҥэ нүөмэрдэринэн кэпсэтии сыаната мүнүүтэҕэ 1,20 буолуоҕа. Эспиэрдэр сыаналыылларынан, бу сөптөөх сыанаҕа бириэмэни уонна кэпсэтии кээмэйин хааччахтаабакка көҥүл сибээстэһиэххэ сөп. Онтон интэриниэт сыаната биир мегабайтка 1,45 солкуобай буолар.

Источник: «Саха сирэ» хаһыат

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА