22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

13 сыл. Сахалыы Бикипиэдьийэ кэскилэ кэҥээтин, ойбоно уолбатын

16:58, 15 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн тохсунньу 15 күнүгэр Бикипиэдьийэ төрүттэммитэ 20 сыла буолла. «Бары да билэргит курдук, бу аан дойдуга барыс киллэрбэт саайтартан саамай элбэхтик туттуллар бырайыагы көннөрү дьон суруйар. Туох да анал көҥүлэ, хааччаҕа суох. Билиҥҥи туругунан 314 тылынан суруйабыт, ол иһигэр 13 сыл тухары — сахалыы«, — сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла, Ил Дархан иһинэн Тылы сайыннарар Сүбэ чилиэнэ Ньукулай Павлов — Халан СИА-ҕа суруйда.


Сахалыы суруйар дьонтон биир тутаах киһибит Александр Махаров этэ. Кини картограф идэлээх буолан туох баар нэһилиэк каартатын оҥорон хас биирдии нэһилиэк уонна улуус туһунан ыстатыйаҕа укпута. Тумат Уола диэн аатынан суруйара, дьиҥнээх сурукка киирбит аатын, бөдөҥ салайааччы буоларын быһыытынан буолуо, этиттэрбэт этэ. “Якутск Вечерний” хаһыакка Сахалыы Бикипиэдьийэ 5 сылыгар (7 сыллааҕыта) иккиэн интервью биэрбиттээхпит. Онно кинини псевдонимынан ааттаан, хаартыскатын хара күлүгүнэн ойуулаабыттара. Былырыын алтынньыга кинини хамсыктан сылтаан сүтэрдибит. Ол эрээри Александр Егорович оҥорбут, тупсарбыт ыстатыйалара сахаҕа туһалыы туруохтара.

Бүгүн үбүлүөй. Бикипиэдьийэ уонна кини атылыы бырайыактара элбээн, хаҥаан иһэллэр. Сотору кэминэн Алтаайдыы Бикипиэдьийэ баар буолуоҕа. Иллэрээ сыл, “ковид иннинэ” аҕай Москубаҕа билим кэмпириэнсийэтигэр сылдьан биир алтаай дьахтарын кытта билсэммин бикипиэдьийэни билиһиннэрбитим, онтон дьиэтигэр ыҥыран, хайдах уларытары кэпсээ диэн көрдөспүтэ. Бу дьахтар көҕүлээһининэн Алтаайдыы Бикипиэдьийэ сотору тахсар буолла. Эбээннии, эбэҥкилии, дьүкээгирдии бырайыактарга киһи көрдөөбүппүт ыраатта. Бу да сатанар ини диэн эрэллээхпит.

Биһиги сахалар билигин үс толору үлэлиир биики-бырайыактаахпыт: Бикипиэдьийэлээхпит, Бикитиэкэлээхпит, Биики Домохтоохпут. Манна төрдүс Биики Тылдьыт диэни тэрийэн эрэбит. Онно тылы ырытыахпыт. Саха тылын-өһүн. Бу туһунан дьоҥҥо кэпсииргитигэр, бэйэҕит да кытталларгытыгар баҕарабын.

Иллэрээ сылтан Чокуур Гаврильев өйөөһүнүнэн Нууччалыы Бикипиэдьийэҕэ Саха сирин, саха дьонун туһунан суруйарга ылсан эрэбит. Ол сахха Чокуур Николаевич инновация министиэристибэтигэр солбуйааччы миниистир этэ. Онон бырабыыталыстыба аппараатын салайааччытын Афанасий Владимировы кытта көрүһүннэрбитэ. Билигин эстафетаны Георгий Андреев тутта. Былааммытын хамсык туран бытаарта эрээри, син биир салгыы дьүккүйэн иһэбит. Ый ынараа өттүгэр Викимедиа Ру-ттан ыалдьыттар кэлэ сылдьыбыттара. Олор элбэх лиэксийэлэри, маастар-кылаастары ыыттылар, ол иһигэр миниистир Анатолий Семеновтыын көрсүһүү тэрийбиппит. Онно элбэх былаан торумнанна. Онон Ил Дархаммыт Айсен Николаев сорудаҕын толорон, Саха сирин туһунан Саха сирин туһунан ыстатыйалар омуктуу бикипиэдьийэлэргэ үөскүөхтээхтэр уонна тупсарыллыахтаахтар.
Бу манна киэҥ араҥаны кытыннарар ирдэнэр.

Онон доҕоттоор, быйыл да, кэскиллээх аныгыскы кэлэр сүүрбэ да сылга, биһигини элбэх үлэ күүтэр.

Саха тыла туттуллар буоллаҕына өлбөт үөстэниэ!  Ийэ тылбытын интэриниэккэ киллэрэргэ төһүү буолар Сахалыы Бикипиэдьийэ туругурдун!

Барыгытыгар, доҕоттоор, сыһыаннаах дьоҥҥо — ким суруйан кыттар, ким өйүүр, тарҕатар — үбүлүөйүнэн эҕэрдэ буоллун!

Уруй!

  • Бикипиэдьийэ 314 тылынан тахсар уонна 55,6 мөлүйүөн ыстатыйалаах. Нууччалыы Бикипиэдьийэ 1 700 000 ыстатыйалаах,сахалыы — 13 тыһыынчаттан тахса.
  • Биир ыйга ааҕааччылар 20 млрд. ыстатыйаны 1,7 млрд. туспа тэрилтэн көрөллөр.
  • Арассыйа тылларынан тахсар бикипиэдьийэлэртэн саамай улаханнара (нууччалыыны аахпатахха): Чэчиэннии Бикипиэдьийэ (350 тыһ. кэриҥэ ыстатыйа), Татаардыы Бикипиэдьийэ (240 тыһ. ыстатыйа), Башкиирдыы Бикипиэдьийэ (60 тыһ. ыстатыйа).
  • Бикипиэдьийэҕэ икки мэҥэ туруоруллубута. Биирэ Польшаҕа Слюбица куоракка, иккис Арменияҕа — Севан күөлгэ тимирдиллибитэ.
  • Бикипиэдьийэҕэ тойон да, салайааччы да суох. Кыттааччылар бары тэҥ бырааптаахтар.
  • Бикипиэдьийэ сиэртибэлээһин көмөтүнэн үлэлиир. 2020 сыллаахха 7 мөлүйүөн кэриҥэ киһи бэйэтин үбүнэн Бикипиэдьийэни өйөөбүт.

Саха-информационнай ааҕыныстыба кэлэктиибин аатыттан биһиги былаһааккабытыгар сарсыарда аайы Биики-халандаары бэлэмнээн таһаарар Ньукулай Халаҥҥа уонна Бииктэр Уйбаныапка махталбытын биллэрэбит. Дьоһуннаах үлэҕит дьон сэҥээриитин ылыан ылла!!!

Сахалар аан дойду биикиһиттэрин эҕэрдэлээтилэр. Манна киирэн аах:  https://youtu.be/-ikY6_BO7s4

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА