Кулун тутар 11 күнүгэр 100 сааһын томточчу туолбут Елена Руфоваҕа “Үйэ саас” бочуоттаах бэлиэни өрөспүүбүлүкэ баһылыга Егор Борисов дьахталлар XIV сийиэстэрин кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Елена Ксенофонтовна уһун үйэлэнии кистэлэҥин СИА-ҕа аста.
«Кини хаһан да кыыһырбат-тымтыбат, дьону кытта иирсибэт, баайсыбат, куруук үөрэн мичилийэ сылдьар. Ким эрэ туһунан куһаҕаннык саҥарарарын хаһан да истибэтэҕим. Тыҥааһыннаах түгэн үөскээтэҕинэ, ону көргө-күлүүгэ кубулутар ураты майгылаах. Арааһа, ити кини 100 сааһын туоларыгар сүрүн күүс буолбута буолуо», — диэн СИА-ҕа аймаҕа Ньургун Гольдеров эттэ.
Елена Руфова элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Игирэ аҥаара этэ. Хомойуох иһин, ийэлэрэ оҕолоноругар быстан, игирэ кыргыттары ыаллар иитэ ылбыттара. Инньэ гынан эдиийдии аҕас икки аҥы арахсарга күһэллибиттэрэ. Игирэтин аҥаара Евдокия 83 сааһыгар диэри олорбута, Дьоруой-Ийэ этэ.
Елена 17 саастааҕар кинини ииппит төрөппүттэрэ күн сириттэн күрэммиттэрэ. Елена 6 кылаас үөрэхтээх да буоллар, продавец идэтин ылан потребкооперация эйгэтигэр өр кэмҥэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ.
Елена Руфова Иона Анисимовка кэргэн тахсан икки оҕону төрөппүтэ. Билигин Дьокуускай куоракка кыыһын кытта олорор. Төрөөбүт, олорбут, үлэлээбит Үөһээ Бүлүүтүн кытта ыкса ситимин билигин да быспат, Саха сиригэр, Россияҕа, аан дойдуга туох буола турарын билэ, истэ, сонургуу олорор.