27 Муус устар 27.04
  • -0°
  • $ 92,01
  • 98,72

10 оҕолоох ийэ Дьоруой буолар толору бырааптаах

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бассаап  ситимигэр Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр олорор уон оҕолоох ийэ туһунан суруйбуттара тарҕаммыта. Ийэ барахсан алта уола байыаннай дьайыыга сылдьар. Бэйэтэ 1948 cыллаах хаарбах туруктаах чааһынай дьиэҕэ олорор. Сурукка ийэ ханнык да көмөнү туһамматах, уон оҕону төрөтөн баран, саатар, Дьоруой ийэ аатын сүкпэтэх диэбиттэр этэ. Биһиги Ынахсыт, ол эбэтэр сурулларынан, Хаҥалас нэһилиэгэр олорор Марина Николаевна Курышевалыын кэпсэттибит.

Эбээбиниин олорбут оҕо сааһым дьиэтэ

– Мин уон оҕолоох ийэбин. Хаҥалас нэһилиэгэр хара төрүөхпүттэн олоробун. Бэйэм аҕыс оҕолоох улахан дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Ийэлээх аҕам барахсаттар саастарын тухары пиэрмэҕэ үлэлээбиттэрэ. Оччолорго пиэрмэ нэһилиэктэн ыраах кыстыктаах буолан куруук онно олороллоро. Мин, ыал улахан оҕото, эбээбэр Өлөксөөн эмээхсиҥҥэ иитиллибитим. Бу билигин олорор дьиэбэр ыалга дьукаах олорбуппут. Кэлин бу дьиэни аҕам миэхэ атыылаһан ылан биэрбитэ. Уон оҕом бу дьиэ­ҕэ улаатан киһи-хара буолан тахсыбыттара, бары ыал дьон. Элбэх сиэннээхпин, хос сиэннэрдээхпин. Бэйэм сааһым тухары ыанньыксытынан үлэлээбитим. Оҕонньорум суоппар этэ. Ньурбаҕа биэс сыл олоро сылдьыбыппыт. Оччолорго АТК диэн оптуо­бустар пааркаларын тэрилтэтигэр иккиэн үлэлээбиппит. Кини – суоппар, мин оробуо­чай үлэһит этим. Кэргэним билигин суох, олохтон туораабыта ыраатта…

Хаҥалас нэһилиэгин тус архыыбын хаартыската
Түннүкпүн маныыбын…

– Мин төһө да уон оҕо­лоох буолларбын, Дьоруой ийэ аатын сүкпэтэҕим. Тоҕо диэтэххэ, оҕолор 18 саастарын туолан улаатан баран испиттэрэ. Оҕолорум туһунан кэпсээ­тэххэ, улахан уолум ИДьМ уонна сэрии бэтэрээнэ буолар. Байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар Мииринэйгэ олорор, үлэлиир кыра уолум быстах байыаннай хомуурга хабыллан сулууспалыы барбыта. Кыра бырааттара Вася ба­­йыаннай дьайыыга ыҥырыллан барбытыгар, убайдара бэ­һиэн барабыт диэн ханта­раак түһэрсэргэ быһаарыммыттара. Ити тылы улахан убайдара көтөхпүтэ. Бары утуу-субуу атын-­атын сирдэртэн барбыттара. Антах тиийэн бэйэ-бэйэлэрин син булсубуттар этэ. Арай кыра уолбут тэйиччи баар. Билигин кини уоппускаҕа кэлэ сылдьар, Мииринэйгэ баар. Уоппуската бүтүөн иннинэ дьиэ кэргэнин кытта кэлэн барыахтаахтар. Онон оҕолорбун күүтэн түннүкпүн маныыбын…

Хаҥалас нэһилиэгин тус архыыбын хаартыската
 Дьиэм аҥаарыгар олоробун

– Олорор дьиэм оһоҕунан оттуллар. Билиҥҥи баһылык­пыт Серафим Александрович Винокуров өссө исписэлиис сылдьан миэхэ босхо конвектор киллэрэн биэрбитэ.Онон түөрт конвектор­даахпын. Баһылык буолан баран өйөбүлэ өссө улаатта. Оттук маспын байыаннай дьайыы быдан инниттэн босхо киллэрэр. Нэһилиэкпит ыччата маспын хайытан, саһааннаан, күүлэбэр таһан биэрэн абырыыр. Ол кыстаммыт маспын Саҥа дьылга диэри оттобун. Билигин дьиэбэр соҕотох олоробун. Атаҕым хаамтарбат гына ыалдьар, аны аҥаар хараҕым сабыллан, социальнай үлэһит өҥөтүнэн туһанабын. Үлэһитим хаарбын күрдьэн, бородууктабын аҕалан биэрэн абырыыр, көрөр-истэр. Дьиэм аҥаара иҥнэйэн турар. Буолумуна, бэйэбиттэн аҕа саас­таах дьиэ.  Мин бэтэрээ аан таһынаа­ҕы аҥаарыгар олоробун. Ыалдьыттар кэллэхтэринэ, киэҥ өттүгэр киирээччибит. Биир уолум билигин Оренбурга бааһыран госпитальга сытар. Аны биир уолум улаханнык бааһыран илиитэ суох хаалла. Москваҕа госпитальга сытар. Ол да буоллар, ама буоллум да, төттөрү сэрии толоонугар төннүөм дии сытаахтыыр. Уон оҕолоохпуттан сэттэтэ уол, үһэ кыыс. Соторутааҕыта улуус­пут баһылыга,  хаар уулунна даҕаны саҥа дьиэ тутуутугар матырыйаал ылан биэриэм диэбитэ. Оччотугар нэһилиэк дьоно субуотунньуктаан саҥа дьиэ тутан биэриэхтээхтэр. Онон кыһалҕам быһаарыллар ини диэн эрэнэбин. Ону сэргэ, бэйэбит нэһилиэкпит баһылыгар Серафим Александрович Винокуровка махталым муҥура суох. Барахсан, исписэлиис уол эрдэҕиттэн кыһанар-мүһэнэр, киһи кыһалҕатыттан туора турбат.

Хаҥалас нэһилиэгин тус архыыбын хаартыската
Харахпын эпэрээссийэлэтэ тиийбитим да…

– Ити хас сыллаа­ҕын өйдөөбөппүн, аҥаар хараҕым олус мөлтөөбүтүгэр, Дьокуускайга эпэрээссийэ­лэтэ тиийэн баран унньук­таах уһун уочаракка турбутум, уочараппын кэтэһэн гостиницаҕа сыта сатаан баран эпэрээсси­йэлэппэккэ кэлбитим. Ол курдук, хараҕым оннук сабыллыбыта. Билигин аны бу аҥаарым өлбөөркөй соҕустук көрөр буолла. Бу нэһилиэккэ бииргэ төрөөбүт балтыбар ийэм баар. Сааһа 93-һэ. Оҕолор уочаратынан ийэбитин көрөллөр, онно мин көмөм кыра. Биирдэ эбит тиийэн илиитин имэри­йиэхпин эрэ сөп.

Серафим ВинокуровНьурба улууһун Хаҥалас нэһилиэгин (Ынахсытбаһылыга:

— Биһиги нэһилиэк­пит олохтооҕо Марина Нико­лаевна Курышева 70 сааһын туолуохтаах. Кини алта уола байыаннай дьайыыга сулуус­палыы сылдьар. Икки уол бааһыран госпитальга эмтэниини ааһар. Олохтоох дьаһалтабыт аатыттан оттук маһын, мууһун хааччыйабыт. 2019 сыллаахха  социаль­най хантараак ылан уот ситиминэн бэриллэр конвекторынан ититиини киллэрбиппит. Бу улуус иһинээҕи  бырагыраама этэ.  Биһиги Бүлүү бөлөх улууска киирсэр  буоламмыт, уот ситимигэр субсидиялаахпыт. Нэһилиэкпитигэр киин ититии суох. Онон бары уот ситиминэн оттукка олоробут. Бу хамсааһын биһиэхэ 2017 сылтан киирбитэ. Ол эрээри, кирпииччэ оһохторун үгүс ыал көтүрбэккэ олорор, тоҕо диэтэххэ, кыһын -50 кыраадыска оттуллар оһох наада буолар. Уот ситиминэн ититии киириэ­ҕиттэн түөрт бырысыабынан кыстыыр ыал билигин икки, биир бырысыап маһынан кыстыыр буолбуттара. Марина Николаевна дьиэтэ 1948 cыллаахха тутуллубут дьиэ буолар. Нэһилиэкпитигэр баар уопсай дьиэҕэ киллэрэ сатаабытым, ону кини сөбүлэспэтэҕэ, тоҕо диэтэххэ, чааһынай дьиэҕэ олоро үөрэммиппин, кирилиэһи эҥин дабайар кыаҕым суох диэбитэ. Улуус баһылыгын отчуотугар Марина Николаевнаны улууспут баһылыгын кытта көрүһүннэрэ киллэрэ сылдьыбыппыт. Баһылыкпыт саҥа дьиэ тутуллар матырыйаалын хааччы­йыах буолбута. Симиэтэтэ оҥоһуллуохтаах. Оттон биһиги, нэһилиэк дьоно, субуотунньуктаан босхо тутан, ханаппаакылаан, кырааскалаан биэриэхтээхпит. Этэҥҥэ буол­лаҕына, Марина Николаевна кэлэр күһүн саҥа дьиэҕэ киириэхтээх.

Источник: Саха сирэ саайт, ааптар Ульяна Захарова

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА