Бастакы ханаал «Жить Здорово!» биэриитигэр Кэбээйи соботун туһатын кэпсээтилэр. Невролог-быраас Дмитрий Шубин бэлиэтээбитинэн, Кэбээйи соботугар баар белок олус иҥэмтиэлээх уонна күндү, маны таһынан селен диэн элэмиэнинэн эмиэ баай эбит, бу элэмиэннэр рак ыарыытыттан харыстыыллар. Биэриигэ Саха сирин биллиилээх асчыта Николай Атласов кытынна. Кини Саха сирин олоҕун туһунан кэпсээтэ уонна собону хайдах сөптөөхтүк астыыры көрдөрдө.
«Кэбээйи собото» Иван Грозный саҕаттан улаханынан уонна сыалааҕынан аатырар. Собону ыраахтааҕы остуолугар буочуканан тыыннаахтыы аҕалаллар диэн кэпсииллэрэ», — диэн Дмитрий Шубин биллэрдэ.
Кэбээйи собото сэдэх белогунан уонна селенынан баай, ол иһин рак ыарыытын сэрэтэр кыахтаах, диэн быраас бэлиэтээтэ.
Елена Малышева саха балыга улаханын сөхтө: «Собо олус сыалаах, төкүнүк, чахчы даҕаны сиэдэрэй. Бу балыгы Саха сиригэр туталлар!«, — диэн үөрүүтүн үллэһиннэ.
Маны таһынан биллиилээх ыытааччы, Саха сирэ хайа да региоҥҥа маарыннаабатын хайҕаата. Быйыл Саха сирин генетиктара «Призвание» диэн Арассыыйа бастыҥ быраастарыгар бэриллэр бириэмийэни ылбыттарын санаата. Кинилэр бэйэлэрин норуоттарын генетическай дааннайдарын хомуйан банк оҥорбуттара уонна икки саҥа ыарыылары арыйбыттарын туһунан кэпсээтэ.
Саха сирин асчыта Николай Атласов биэриигэ ыалдьыттаата. Кини Саха сирин олоҕун сырдатта, муҥха туһунан кэпсээтэ уонна маҕаһыынтан үчүгэй собону хайдах талары сүбэлээтэ.