22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

«1 кв.м. 120 тыһ солк саҕаланар»: эксперт Дьокуускайга дьиэ сыанатын кэпсээтэ

12:28, 10 ноября 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга күһүҥҥүттэн дьиэҕэ сыана 2-3% түспүтэ бэлиэтэнэр. Бу сыл бүтүөр диэри туруоҕа. Хамсаабат баайга-дуолга балаһыанньа хайдаҕын СИА-ҕа эксперт, Century21 Премиум ааҕыныстыба атыыга отделын салайааччыта Нюргуяна Степанова кэпсээтэ.

«2022 сыл саҥатыттан саҥа тутуллубут уонна иккис ырыынакка дьиэлэргэ сыана үрдүү турбута. Биричиинэтэ — үрдүк инфляция, ключевой ставка үрдээһинэ, ону кытта сэргэ ипотека ставката улаатыыта. Күһүн сыана түспүтэ,  2-3%. Бу көстүү билигин сыл бүтүөр диэри туруоҕа», — диэтэ Нюргуяна Степанова.

Сыана түһүүтэ Дьокуускайга иккис ырыынакка көстөр. Саҥа тутууларга уларыйыы суох, атыылаһааччы элбэх. Билиҥҥи туругунан, куоракка 1 кв.м. 120 тыһ солк саҕаланар.

Куорат киинигэр уонна 203 микрооройуоҥҥа, цирк дьиэтин тула сыана — 140 — 160 тыһ солк 1 кв.м.

«Дьон сүрүннээн биир уонна үс хостоох дьиэни атыылаһар, саҥа тутууга уонна иккис ырыынакка тэҥинэн. Чааһынай дьиэҕэ баҕалаах элбээтэ быйыл. Ити уһук илиҥҥи ипотекаҕа учууталлары уонна медиктары киллэрбитттэрин кытта сибээстээх. Сир учаастактара, гаражтар атыыга үчүгэйдик бараллар», — диэтэ эксперт.

Кини эппитинэн, аныгыс сылга сыана түһүүтүн дуу, тахсыытын дуу быһаарар олус ыарахан.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА