“Якутопторг” уонна “Полярнай авиалиниялар” ас-үөл тиэйиитин саҕалаатылар

Бу нэдиэлэҕэ “Полярные авиалинии” авиахампаанньа суудуналарынан ыраах сытар нэһилиэктэргэ аһылык бородууктатын тиэрдиэхтэрэ.

Балаҕан ыйын 18 күнүгэр 5 тонна аһылык бородууктатын – оҕуруот аһын, фруктаны, куруппаны, бурдугу “Полярные авиалинии” авиахампаанньа Ан-26 таһаҕаһы тиэйэр сөмөлүөтүгэр тиэйдилэр.

Пилоттар бородууктаны Дьокуускайтан Дьааҥы оройуонун Баатаҕайыгар тиэрдиэхтэрэ. Таһаҕас сүөкэммитин уонна наардаммытын кэннэ Ми-8 вертолетчиктара  аһы-үөлү Эбээн Бытантай оройуонун Дьарҕаалаах уонна Кустуур бөһүөлэктэригэр илдьэн биэриэхтэрэ.

Бу нэдиэлэҕэ маны сэргэ Орто Халыма куоратыттан  аһы-үөлү Арҕахтаахха, Сыбаатайга, Колымскайга уонна Андрюшкиноҕа тиэрдэргэ соруктаналлар.

This post was published on 18.09.2018 17:37 17:37