27 Муус устар 27.04
  • -7°
  • $ 92,01
  • 98,72

Социальнай биэнсийэ төлөбүрэ судургутуйда

14:06, 10 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Президенэ Владимир Путин коронавирус пандемията саҕаламмытынан, Арассыыйа олохтоохторугар анал этиитин түмүгүнэн, урбаантан саҕалаан биэнсийэ харчытын түҥэтиитигэр тиийэ кэккэ дьаһаллар ылыллыбыттара. Муус устардааҕы биэнсийэ эрдэ бэрилиннэ.


Арассыыйа биэнсийэтин пуондата сокуон быһыытынан  кэмиттэн кэмигэр докумуонунан мэктиэлэниэхтээх социальнай хабааннаах төлөбүрдэри судургутук төлүүр буолла. Манна маҥнайгы уочаратынан биэнсийэ уонна ый аайы төлөнүөхтээх ийэ хапытаалын төлөбүрдэрэ хабыллаллар.

Арассыыйа Биэнсийэтин пуондатын  Саха сиринээҕи салаатын управляющайа Георгий Степанов:  “Холобур быһыытынан этэр буоллахха, 18 сааһын туолбут эдэр дьон иитээччилэрин сүтэрбит (кормилец) буоллахтарына,  бу күннэргэ үөрэнэллэрин туоһулуур уонна төлөбүрү ылалларын уһаталларын туһунан Биэнсийэ пуондатыгар анаан-минээн кэлэн  аны иһитиннэрбэттэр», — диэн быһааран биэрдэ. Онон ити дьаһалынан сибээстээн, эрэгийиэннэр биэнсийэҕэ пуондалара иитэр  төрөппүтэ суох буолбут устудьоннар төлөбүрдэрин болдьоҕун уһатарга быһаарыы ылыннылар. Итини тэҥэ, биэнсийэни дэбиэриннэһинэн төлүүр механизм эмиэ итинник буолла. Сокуоҥҥа этиллэринэн, биэнсийэлээх сылга биирдэ тустаах пуонда килийиэннэри кытары үлэлиир сулууспатыгар тиийэн биэнсийэтин бааҥҥа аһаралларыгар аналлаах сайаапка суруйар. Билиҥҥи балаһыанньанан от ыйыгар диэри төһө даҕаны биэнсийэлээх сайаапкатын уһаппатаҕын үрдүнэн, биэнсийэтин харчыта ый аайы тустаах бааҥҥа  баар счетыгар түһэ туруоҕа.

Ийэ хапытаалыттан ыйдааҕы анал төлөбүрү ыларга Биэнсийэ пуондатыгар тиийэн дохуот туһунан уонна ити көмөнү ыларга докумуоннары хомуйан тиийэн уочараттыыр наадата суох. Тоҕо диэтэххэ, 2020 сылга  алтынньы 1 күнүгэр диэри кыра дохуоттаах дьиэ кэргэн  ийэ хапытаалыттан төлөбүрү судургутук ылалларын туһунан дьаһал таҕыста. Итини сэргэ,  Арассыыйа территориятыгар олорор  аадырыстарын туоһулуур регистрацията суох  социальнай анал биэнсийэни ылааччыларга  төлөбүр эмиэ  оҥоһуллуоҕа. Бу иннинэ биэнсийэлээх  сокуон быһыытынан ханна олорорун туоһулуур фактическэй аадырыһын  этэрэ.  Анал сайабылыанньа сылга биирдэ бэриллэр буоллаҕына, билигин итинник бэрээдэк тохтотулунна.

Эбэн этэр буоллахха, кыра дохуоттаах ыалларга ийэ хапытаалыттан 5000-лыы солк бэриллиэхтээх  диэн дьаһал ылыллыбыта. Арассыыйа Биэнсийэтин пуондатын  Саха сиринээҕи салаата итини төлүүргэ аналлаах нуорма докумуона бу күннэргэ оҥоһуллуохтааҕын туһунан иһитиннэрдэ.

Источник: http://www.sakhaparliament.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА